Оттоммот, мэччирэҥ да буолбат сир кэҥээн иһэр. Сэтиэнэҕинэн, кур отунан, лаҥханан бүрүллэн, сыллата халыҥыыр. Оттон ол кураан дьылга, күн сыралҕаныттан хаһан баҕарар күлүм гынарга бэлэм, “буорахтаах буочука” оруолланар. Ойуурга эрэ буолуо дуо, кур окко тахсыбыт уот өссө сэтэрээн күөх оту, кэнчээрини кытта сиир.
Лаҥха буолбут от төрдө, буора сытыйан-ымыйан араас куһаҕан, буортулаах микроорганизмнар, эттиктэр сытайан үөскүүр, тэнийэр усулуобуйаларыгар кубулуйар. Манна мэччийбит, отун сиэбит сүөһү, сылгы араас ыарыыларга сутуллар куттала улаатар. Аһы аһарар, буһарар уорганнартан саҕалаан, тыынар, төрүүр-ууһуур, хаан эргиирин уорганнара кытта сүһүрэллэр, күөмэйдьит ыарыы тарҕанар. Бу дьиэ сүөһүтүгэр эрэ буолбакка, кыыл, көтөр үөскүүрүгэр, олохсуйарыгар эмиэ улахан сабыдыаллаах. Сибиэһэй аһалыктарын базата суох буолар. «Оutdoor» диэн ТВ бырагыраамата баара. Онно омук сирдэрин исписэлиистэрэ: “Кыыл, көтөр дэлэйэр-тэнийэр усулуобуйата – сири-дойдуну уотунан ыраастааһын буолар”, – диэн, дэлэҕэ, бэлиэтиэхтэрэ дуо? Өртөммөт сир ньуура түргэнник кэхтэр.
Урут сааскы өртөөһүнү орнитологтар утараллара. Көтөр уйата, сымыыта умайар диэн. Өртөөһүн ыам ыйын бастакы дэкээдэтин хойутаппакка ыытыллар буолара. Оннук да буолуохтаах. Баһаар тахсар куттала улаата илигинэ тэриллиэхтээх. Ити кэмҥэ биһиэхэ кэлин буулаабыт чыыбыс эрэ сымыыттыыр. Кус, бадараан көтөрө ыам ыйын бүтүүтэ, бэс ыйын саҥата сымыыттыыр. Чыычаах үксэ кус көҥүлүн бүтүүтэ эрэ айаннаан кэлэр.
Өртөөһүҥҥэ сир туһалаах кырса умайар дииллэрэ – туохха да олоҕурбатах дойҕох. Өртөөһүн кэмигэр сааскы сир сиигин, бэл, чэҥин кытта тутан сытар. Өрт уота үүнээйи үрүт, куурбут өттүн сиэн, киэҥ сири биирдэ саба сүүрэн, почваны сиэхтээҕэр, ол сииги, чэҥи куурдубакка, ириэрбэккэ да ааһар. Өртөммүт сир аҕыйах хонугунан ырааһыран, күн уотугар арыллан, күөх от бытыгыраабытынан барар.
Төһөлөөх сир-уот туһата суох быраҕыллан сытарый?! Сири кытта үлэлэспит, олох үтүөтүн тыа хаһаайыстыбатыгар анаабыт киһиэхэ – хараастыылаах көстүү!
Сири-уоту тупсарыы, кэҥэтии, туһаҕа таһаарыы суох буолла. Урут өртөнөр сиргэ уот барыыта үрэх сирдэргэ күүскэ барбакка, мөлтөөн, халыйан, тохтоон хаалара. Оччолорго нэһилиэктэр, хаһаайыстыбалар салайааччылара уоту бохсууга, нэһилиэнньэни түмүүгэ ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин кытта туох да мэтээлэ, манньата суох ыыталлар эбит.
Тэрээһиннээх өртөөһүнү көҥүллүөххэ, эппиэтинэһи ылынан, тэрийиэххэ! Сибээс тупсубут, спутник кытта кэтээн көрөр, тиэхиньикэ баар үйэтигэр кэтээн-манаан туран ыытар тоҕо табыллыа суоҕай? Х-р, ордук куорат эҥээр сааскы кус кэмиттэн саҕалаан ойуур, онно сыһыаннаах тэрилтэлэр үлэһиттэрэ кутааланар сааһыттары, балыксыттары, айылҕаҕа сынньанар дьону, сайынын отчуттарга тиийэ кэрийэ сылдьан, бобуу-хаайыы, ыгыы-түүрүү бөҕө буолаллар. Син сөптөөх үлэһит, тиэхиньикэ, уматык, бириэмэ, хамнас баар буолан, оннук дьаһанан эрдэхтэрэ. Кинилэри улахан уот барар биир төрүөтүн суох оҥорууга – лаҥха, сэтиэнэх кур от баттаабыт сирдэригэр өртөөһүнү тэрийиигэ – үлэлэтиэххэ. Сайыҥҥы баһаары кэтиир, туоратар үлэлэргэ көрүллэр үптэн, уматыктан аттаран, эбии үбүлүөххэ. Урут туос сатыы 3–4 киһилээх хааман тахсан, моой отчуттар сирдэрин кытта, 2–3 оттуур звено ходуһаларын бэрт түргэнник өртөөн кэбиһэр буолуллара.
Баһылыктар, исписэлиистэр сыллааҕы үлэлэрин биир сүрүн ирдэбилэ өртөөһүнү сөптөөх кэмигэр, умайыы тахсар кутталыгар тиэрдибэккэ, кэтээн-манаан туран ыыттарыы буоларын олохтуохха. Киһи сонньуйуох, үлэҕэ-хамнаска, оҥорон таһаарыыга сыһыана суох шоу, көр-нар курдук тэрээһиннэри ыытыынан үлүһүйүү баар. Бобуу, хаайыы диэн – судургу, тиһэх быһаарыныы, ис кыаҕы билбэттэн, сатаан туһамматтан, оҥоро-тэрийэ сатаабаттан, бэйэттэн эппиэтинэһи көлбөрүтүү биир көрүҥэ. Өртөөһүн бобуллубута диэн, хайыҥ охсунан баран сылдьыы – чэпчэки.
Уоту умуруорууга утары уоту олус ыраахтан, букатын көстөөх сиртэн ыытыы омсолоох быраактыката баар буолла. Ол түмүгэр хаарыан киэҥ ойуур сирэ таах умайар, сыыһа туттууттан араас куттал, быһылаан тахсар. Бу суруйа олорор киһи, мин, оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн көннөрү уот умуруорааччыттан саҕалаан, баһаары утары үлэҕэ дьону, тиэхиньикэни түммүт, тэрийсибит, ити хайысхаҕа эппиэттээх үлэҕэ үлэлээбит буолан, кыбыстыбакка этэбин.
Урут эдэр эрдэххэ, лесхоз үлэһиттэрэ, салайааччылар күнүс дьону, тиэхиньикэни уокка утары таһаарбаттара. Уот түүнүн сөҕүрүйбүтүн, утуйбутун кэннэ, дьэ, адьас утары тиийэн, туһааннаах үлэни ыыттараллара. Ордук сарсыҥҥы утары уоту ыытыыны эт атаҕынан кэрийэн, сирин-уотун чопчу билэр буолан, бэлэмнэтэн оҥортороллоро. Улахан уоту утары кыра уоту чугастан ыыттахха, тыала, салгына хайа диэкиттэн үрэриттэн, тыала суохха да бэйэтигэр эҕирийэн ыларын оччолорго элбэхтэ туһаммыппыт.
Өртөөһүнү тыаҕа уот барар кутталын туоратыыга муҥутуур улахан тэрээһин, быһаарыылаах хайысха быһыытынан ылынан, сааскы өртөөһүнү көҥүллүөххэ. Наар бобуунан бардахха, аҕыйах сылынан төһө да кэтээ, боп-хаай, айылҕа барахсан бэйэтин ыраастанан, улахан уот турар куттала эргийиэн сөп.
Хаартыска: Киин Куорат
Бүөтүр Махсыымап.