Бу ыйы былыр “бүтэй кэм” дииллэрэ. Хотугу сахалар “хараҥа ый” диэн ааттыыллар. Тохсунньу ый түүнэ – уһун, күнүһэ – кылгас. Аам-даам тымныы түһэр. Хараҥа бүрүүкүүр. Дьон хараҥа оройугар, дьыл быыһыгар бит-билгэ көбөрүн итэҕэйэр буоланнар, бу кэмҥэ таҥхаланар үгэс үөскээбит.
Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Бу ыйы – от ыйа батыһар. Бу ыйга тымныйдаҕына – сайына сөрүүн, сылый-даҕына – сайына куйаас. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүн буолар. Элбэхтик кыраһалаатаҕына, өҥ сайыны күүтэллэр. Тохсунньуга тымныы хам тутар, сэтэриир. Ол эрээри, хонон турдах ахсын халлаан сылыйара, күн уһаан иһэрэ биллэн иһэр.
Ый 9 күнүгэр Ый уонна Үргэл алтыһыыта буолар. Күн уһаан иһэр. Тыал улахан суох. Тымныы өссө сэтэрэн иһэр курдук. Тохсунньу ортотун диэки тоҥсоҕой маһы тоҥсуйан торулатар. Ону тоҥсоҕой «тымныыны кэрдэр» дииллэр. Күн кыра-кыралаан уһаан иһэр.
Тохсунньу ый билгэтэ:
Тохсунньу 7 күнэ – Ороһуоспа. Тымныы түһэр. Бу күн былытырдаҕына – сис былыт тохсунньу 14-гэр диэри турар, былытырбатаҕына – тымныы сэтэрэр. Бу күн сылыйдаҕына – сааһа тымныы, хаардаатаҕына – сайына өҥ. Киэһэтин халлааҥҥа сулус аҕыйах буоллаҕына – отон аанньа үүммэт.
Тохсунньу 9 күнэ – Ый уонна Үргэл алтыһыыта. Былыргы сахалар бу алтыһыыны анаан кэтииллэрэ. Үчүгэй дьыл буоларыгар – алтынньы 14, сэтинньи 12, ахсынньы 11, тохсунньу 9, олунньу 7, кулун тутар 4, ыам ыйын 1 күннэригэр алтыһар. Оттон кураан дьыл кэлэригэр алтыһыы хойутаан буолар.
Тохсунньу 12 күнүгэр сүллүүкүннэр тахсаллар. Маҥнай үлэһиттэрэ тахсан, абааһыта суох өтөхсүйбүт дьиэлэри оттон сылыталлар.
Тохсунньу 14 күнэ – Баһылайап (Эргэ Саҥа сыл). Бу күҥҥэ былытырбытынан дьаҥ-дьаһах хаһан буоларын сылыктыыллар.
Тохсунньу 19 күнэ – Кириһиэнньэ. Кириһиэнньэ тымныыта түһэр. Бу күн Күннээх уонна тымныы буоллаҕына – сайына кураан. “Сарсыарда сүллүүкүннэр төттөрү киирэллэр” диэн, ыаллар эрдэ туран сүөһү уулатар ойбоннорун тэһэн, сүүрдээн кэбиһэллэрэ.
Тохсунньу 20 күнүгэр былыр таҥара күлүгүн сууйаллара уонна сибэтиэй уунан дьиэлэрин, хотоннорун, сүөһүлэрин ыраастыыллара, арчылыыллара.
Тохсунньу 31 күнэ – Бастакы Охонооһойоп. Эһэ арҕаҕар сытан иккис ойоҕоһугар эргийэр, ытыһын биирдэ саланар. Дьыл оҕуһун муоһа мүлүрүйэр.
Саҥа сыл үүнэр тохсунньу ый 1 күнүгэр күн 10 мүнүүтэ уһуур. Ороһуоспаҕа (тохсунньу 7 күнүгэр) – 30 мүнүүтэ, Кириһиэнньэҕэ (тохсунньу 19 күнүгэр) – 1 ч. 17 м., Бастакы Охонооһойопко (тохсунньу 31 күнүгэр) 2 ч. 19 м. уһуур.
Илин эҥээр улуустара:
Киин улуустар:
Бүлүү улуустара:
Өлүөхүмэ, Алдан Нерюнгри:
Өймөкөөн:
Дьааҥы улууһа:
Индигиир, Халыма улуустара:
Анаабыр, Өлөөн, Булуҥ:
Тускул.