Саха сирин муксуун балыгар мышьяк дьаата 1,000 мг/кг нуорматтан 2,727 мг/кг диэри үрдээбитин булан соһуттулар. 90-с сылларга Владимир Степанов биһикки “Эдэр коммунист” хаһыакка “Дьиксиннэриилээх сурах” диэн мышьяк кутталын туһунан ыстатыйатын таһааран турабыт. Ол иһин кини миигиттэн, мышьяк кыһалҕатынан дьарыктаммыт учуонайтан, “күндү балыктарбыт хантан мышьягынан сүһүрүөхтэрин сөбүй?” диэн ыйытта.
Мышьягынан дьарыктанар лабаратыарыйа сабыллыбыта
Дьэ, умнубут тиэмэбин сөргүттүлэр. Мышьяк тиэмэтэ экология туһугар ыарыыбын олоччу хабар. Күндү, кыһыллар балыкка мышьяк көстүбүтэ толкуйдатар, сэрэтэр бэлиэ буолар.
Сэбиэскэй Сойуус мышьяк кутталыттан тыынар тыыннааҕы харыстаары ити кыһалҕанан дьарыктанарга Новосибирскайга, Гидроцветмет институкка, анал лабаратыарыйаны тэрийбитэ. Уонунан ахсааннаах өҥнөөх металлартан соҕотох мышьяк эрэ туһата суох сиртэн хостонор. Сибиниэс, сыыҥка, хорҕолдьун, сурьма, алтан, кыһыл көмүс уруудаларыгар 20% тиийэ аргыстаһар. Ити сир баайдара Саха сиригэр соҕуруу Алдантан хоту Депутатскайга тиийэ ыһыллан сыталларын билэҕит. Урут урууданы миэстэтигэр байыппат тэрилтэлэр тас сиргэ, холобур, Новосибирскайга хорҕолдьун кэмбинээтигэр (НОК, билигин эстибитэ) таһаллара. Онно сир анныгар бетон ыскылаат тутан харайаллара. Оттон көмүс хостуур Нежданинкатааҕы кэмбинээт хайаҕа бетоннаммыт штольня хаһан кистиирэ.
Оттон соҕуруу куораттарга мышьяк арсенат-арсенит туустара аһаҕас халлаан анныгар 30–200 тыһ. туоннаҕа тиийэ мунньуллан сыталлара. Туус киһини өлөрөр дозата 114 мг /кг (киһи биир киилэ ыйааһыныгар ааҕыллар). Онон аахтахха, аҥаардас мышьяк ити хараллыбатах тобоҕо Сир саарын тыыннаах харамайын хас эмэ төгүл өлөрүөн сөп. Мин токсичнай тобох сир анныгар, ууга, салгыҥҥа тарҕаммат ньыматын (противофильтрационный экран) оҥорон Усть-Каменогорскайга (УКСЦК), Чимкеҥҥэ (ЧСЗ) уонна Владикавказка (Электроцинк собуокка, сабыллыбыта) тиэрдибитим 35 сыл ааһа ааһа оҕуста.
ССРС кэннэ модун өҥнөөх металлургията ыһыллан, сүүһүнэн собуот сабылынна. Билигин, хапыталыыһым кэмигэр, бырамыысыланнай экология мышьяк кыһалҕатын хайдах кыайыан өйүм хоппот. Дьааты кистээтиҥ да, “ноу проблэм!” буолбат эбээт! Мышьяк куттала хаһан, ханна эрэ чаалыйара буолуо диэн, испэр сэрэхэдийэ саныыр этим.
Мышьяк күүстээх дьаат буолан, ССРС-ка норуот хаһаайыстыбатыгар кыайан туһаныллыбат этэ. Сельхозхимияҕа кэрбээччилэри утары тарҕана сылдьыбыта. Экологияҕа куттала учуоттанан бобуллубута, хомуллубута. Өссө адамсит, люизит диэн химическэй сэрии дьаатын оҥороллоро.
Мин биһиги лабаратыарыйабытыгар мышьяк кыһалҕатын быһаарар технологическай исхиэмэни, бырагырааманы оҥорууга быһаччы кыттыбытым. Дойдуга мышьяк кутталын суох гынар быһаарыы олоххо киирэргэ бэлэм буолбута да, ону ССРС урусхалланыыта соппута. Гидроцветмет институт 1994 с. сабыллыбыта. Ол кэннэ Менделеев табылыыссатыгар айылҕа “алҕас айбыт” соҕотох туһата суох мышьяга өр кэмҥэ умнуллубута. Ону ити балыкпыт санаттаҕа...
Мышьягы суоллуур тэрилтэ баар
Балык этигэр мышьягы устар уутуттан иҥэрдэҕэ. Оттон уу дьааты хантан суурайан аҕалар төрдүн-ууһун географияны ырытан, суоллаан эрэ билиэхпитин сөп. Үөһэ ахтыллыбыт металлар уруудалара Саха сиригэр хостонор, байытыллар, тобохторо мунньуллар, харайыллар сирдэрэ чуолкайданыахтаах. Урут т/х-тыгар туттуллубут дьаат умнуллубут тобоҕо ханна хаалбытын эмиэ билиэххэ наада. Дьэ, ити таабырыны таайар дааннайдар СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтигэр баар буолуохтаахтар. Сыл аайы өрөспүүбүлүкэ экологиятын туругун ырытан, отчуот суруйан дакылааттыыллар. Министиэристибэ мышьяк кыһалҕатынан дьарыктаныахтаах.
Бу министиэристибэтиҕэ тус бэйэм хом санаалаахпын. Икки сирэйдээх (двойной стандарт) тэрилтэ буолуоҕуттан өйдөспөт сыһыаҥҥа киирбитим икки сыл буолла. Урут “СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ” диэн ааттаах эрдэҕинэ, үс көлүөнэ миниистири: В.Г. Алексеевы, В.Н. Чемезовы уонна В.А. Григорьевы кытары бэркэ тапсан үлэлэспитим. 2014 с. С.М. Афанасьев кэлиэҕиттэн төрөөбүт Аммам тыатын кэрдэр алдьархай суоһаабытын өйдөөбүтүм. Айылҕа харыстабыла айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбата диэн эбииликтэнэн, кутталлаах кубулҕаттамыта. Биир өттүнэн, айылҕаны харыстыыр аналлаах, иккис өттүнэн, сир баайын элбэҕи туһанар интэриэстээх. Ити ис хоһооно төрөөбүт Аммам тыатын кэрдэр алдьархайга көстөр. Нэһилиэнньэ тастан кэлэн, уһун (49 сыл устата!) ойууру арыандалаан, маһын кэрдэр дуогабар түһэрсиллибитин соһуччу билэн аймаммыта. Мин утарсыыбар миниистири солбуйааччы Н.Агеев ыыппыт элбэх сирэйдээх эппиэт суруктара кэлбиттэрэ. Онтон нэһилиэнньэни уоскутуу ааспыта. Ол эрээри сыыйа маһы кэрдэр күүстээх тиэхиньикэ кэлэн мунньуллубутун былырыын истибитим. Быйыл быыбар кэнниттэн атаака саҕаланара сабаҕаламмыта...
Харчы куттаахтар “барыта сокуон быһыытынан” диэн куоһурданаллар. Сокуон оҥорооччулартан, Госдуматтан, Ил Түмэнтэн мин, эколог, ыйытарым биир: субъективнай социальнай сокуоннар айылҕа объективнай сокуоннарыгар сөп түбэһэр киритиэрийинэн сыаналанан баран, тоҕо куоластамматтарый? Тыаны кэрдии содулун үөрэппэккэ, эрдэ ылыллыбыт сокуоннарга тирэҕирэн Амманы өлөрүү аанын арыйыыны тэрийбит чунуобунньуктар айылҕаҕа тахсар хоромньу иһин эппиэттээбэттэр эбээт! Оттон Айылҕа ийэ ону умнубат...
Айылҕа тулуйара ааһан эрэр
Харчы сырсыытын интэриэһинэн экэниэмикэ экологияны хам баттааһына өссө төгүл күүһүрдэ. Ити “технократическай сиэмэх уопсастыба” сиэри таһынан барыытын күндү хоту балыкпыт мышьягынан сүһүрэн доруобуйабытыгар кутталламмыта көрдөрөр. Айылҕа ийэ тулуйар кыаҕа кыччаан, килиимэт уларыйыытын соһумар дьайыылара сылтан сыл үксээн уонна күүһүрэн иһэрин билэбит. Тулуйабыт, саҥата суох дьиксинэбит. Быйыл Чакырга ытык булгунньах ирэн уулунна. Верхоянскай хайатыгар дириҥ оҥхой үөскээтэ. Уһук Илин куората ууга барда. Хара муораҕа цунами-холорук бааллаата... Ааҕан сиппэккин. Киһи айылҕаны утары уонна уопсастыба иһигэр атааннаһар адьыната алдьатар тиэхиньикэнэн төгүллэнэн иһэрин “экологическай бэйэҕэ тиийинии” диэн ааттыыбын.