Киир

Киир

Саха сиригэр түһэр салгын сиигэ сүрүннээн арҕааттан кэлэр. Ол аата Атлантическай океан сиигэ. Билигин сыллааҕы ардахпыт нуормата баара-суоҕа 200-250 мм. Бачча кыра сиик – кураан дойду сиигин нуормата. Оппут-маспыт сүнньүнэн ирбэт тоҥноох буоламмыт үүнэр.

Ол кэлэр сиикпитин, ол аата халлаантан түһэр ардахпыт уутун, үс көрүҥҥэ араарыахха сөп.

1. Хаар уута. Бу саас эрдэ, сир тоҥ эрдэҕинэ кэлэр буолан, сиргэ иҥиитэ кыра. Ол да буоллар, сиргэ-уокка дьайыыта улахан буолуон сөп. Бу уу кэлиитэ-барыыта хаар хайдах быһыылаах ириититтэн тутулуктаах. Төһө түргэнник уонна хайдах быһыылаах ирэриттэн тутулуктаах.

2.  Сайыҥҥы ардах уута. Маннык ардахтар кылгастык уонна итии кэмҥэ түһэр буоланнар, улахан аҥаара салгыҥҥа көтөр.

3. Күһүҥҥү ардахтар уулара. Дьэ, бу ардахтар уулара сири алдьатыылара уонна дьайыылара олус улахан буолуон сөп.

Олус кураан айылҕалаах буолан, ааспыт үйэ ортотуттан хас дэриэбинэ аайы үрэхтэр, үрүйэлэр ууларын хаайан, сүөһүбүтүн уулатар күөллэри оҥорон туһанан олоробут. Хомойуох иһин, билигин сорох күөллэр нуорматтан аһара элбэх ууланан тураллар. Холобура, Таатта өрүс  сүнньүгэр быһытынан хааччахтанан турар Чурапчы күөлүн этиэххэ сөп. Бэрдьигэстээх бөһүөлэгин аһатан олорор Матта күөл уутун быһыта эмиэ тоҕо барыан сөп.

Ону таһынан, итинник күөллэрбит уутун тутан турар даамбаларбыт буорун туһунан аҕыйах тылы этиэххэ сөп. Бу былыр мууһуруу кэмигэр тыал-буурҕа ытыйан аҕалбыт туой буор туһунан. Маннык буор соҕуруу кураан тыаллаах-куустаах дойдуга билигин да үөскүүр уонна "лёсс" диэн ааттанар. Илин Эҥэргэ сылдьыбыт буоллаххытына, көрбүккүт буолуо. Массыына көлүөһэтин анныттан өрө бурҕайан тахсан баран, өр баҕайы салгыҥҥа ыйанан турар буору.

Дэриэбинэлэр тастарыгар туттар, сүөһүлэр уулуур күөллэрин ааспыт үйэ 60-с  сылларыгар «хозяйственным способом» ити үөһэ суруллубут бурдук курдук мэлиллибит туой буорунан 1-2 м үрдүктээх быһыттары тыраахтарынан астаран оҥорбуттара. Урут, тымныы сылларга уонна кыра кээмэйдээх буоланнар,  ууну син тутар этэ. Билигин килиимэт сылыйан, уулара да элбээн,  сүрдээҕин мөлтөөн тураллар.

Онон, быйыл олус уулаах дьыл кэлээри турар курдук көстөр, онон эрдэттэн бэлэмнэнии үлэни оҥоруохха. Малы-салы өрө тардынан, киһини-сүөһүнү куоттарар сири эрдэттэн бэлэм оҥоруохха, олорон биэримиэххэ наада.

Мууһуруу үйэтин кэмигэр төһө да ардах-хаар аҕыйаҕын иһин, ити Ураалга буола турар киэҥ халааннааһын курдук буолаллара.  Олор сүрүн төрүөттэринэн өрүс мууһа ыараханнык барарыттан буолара. Кыһыҥҥы тымныйыыга өрүс уута халыҥнык тоҥоро. Билигин муус халыҥа 1-1,3 эбит буоллаҕына, урут 3-4 миэтэрэҕэ тиийэрэ. Ол иһин саас өрүс муус хара-хара бэрт эрэйинэн барар.  Ол түмүгэр Өлүөнэ өрүс орто сүүрүгэр билигин үс хочо сытар сиригэр уйаара-кэйээрэ көстүбэт киэҥ уу байҕал үөскүүрэ. Билигин Дьокуускай,  Покровскай куораттар турар сирдэрэ 20-30 м уу анныгар тимирэ сылдьыбыттара диэни ким да итэҕэйиэ суоҕа.

Билигин ирбэт тоҥноох сиргэ килиимэт сылыйыыта дьайан эрэр. Ол түмүгэр, ирбэт тоҥ мууһа ирэн, сир тостуута элбээтэ. Лёсс  буор тиксотропнай уратылаах, ол аата мууһа ирдэҕинэ, ким да мэһийбэтэҕин да иһин, алаадьы тиэстэтин курдук ньолҕойон хаалар. Дьэ, оннук даамба туох уутун тутуой. Онтон уута суох буоллаҕына, төттөрүтүн, таас курдук кытаатар.

Маннык айылҕабыт уратытын этэн туран, быйыл араас сиргэ уу халааннааһына олус элбээбитин көрө-истэ олорон Сахам сирин олохтоохторун сэрэтиэхпин баҕарабын. Сиргэ айылҕа сүрдээҕин уларыйан эрэр. Ол уларыйыы олус түргэнник барыан сөп. Онно өрүү бэлэм буолуу ирдэнэр.

Семен Петрович  Готовцев, геолого-минералогическай наука кандидата, ирбэт тоҥу үөрэтэр исписэлиис.