Киир

Киир

Саас кэллэ, айылҕаҕа сылдьарга ааттаах кэм үүннэ. Ким сайылыгар тахсыа, ким бултуу барыа, ким куорат, бөһүөлэк таһыгар шашлыктыа. Оттон оттоох-мастаах сиргэ сэрэхтээх үөн – клещ – баар буолуон сөп. Хаһан эрэ сылаас халлааннаах соҕуруу дойдуга эрэ үөскүүр дии саныыр кыылбыт биһиэхэ эмиэ кэлбитэ. Сыл аайы клещ ытырбыт дьонун ахсаана элбээн иһэр. Клещ ханнык көрүҥүттэн киһи сэрэниэхтээҕий? Ытырар түгэнигэр, хайдах дьаһаныллыахтааҕый? Ол туһунан тэттик сүбэ.

Кутталлаах үөн. Арассыыйаҕа сыл аайы мөлүйүөн аҥаара киһини клещ ытырар. Биллэн турар, клещ эрэ барыта кутталлаах, ыарыылаах буолбат. Киһиэхэ, кыылга-сүөлгэ, сүрүннээн, энцефалиттаах үөн сэрэхтээх. Оннук үөн ытырбытын кэннэ кэмигэр балыыһаҕа көрдөрүммэтэххэ, киһи ньиэрбэтин ситимэ ыараханнык эмсэҕэлиэн сөп.

Энцефалит бэлиэтэ (симптома). Үрдүк тэмпэрэтиирэ; сүһүрүү (интоксикация); истэр уонна саҥарар дьоҕур кэһиллиитэ; өй-санаа аһара күүрүүтэ, сүпсүгүрүү, долгуйуу, ситимэ суохтук хамсаныы; өй-санаа бааллыыта, суоҕу баар диэн көрүү (галлюцинация), тартарыы; сирэй уонна эт-сиин таарыйары, тутары-хабары билэр дьоҕура (чувствительность) кэһиллиитэ.

asbluv1ph4y

Төһө түргэнник сүһүрүөххэ сөбүй? Клещ энцефалитын вируһа киһи этигэр-сиинигэр үөн ытыраатын кытта тута тарҕанар. Вирус бастаан киһи иммунитетын тиһигин килиэккэлэригэр киирэн мунньуллан баран, сыыйа хааныгар тарҕанар, онтон лимфоузелларыгар, быарыгар, таалыгар уонна да атын уорганнарыгар барар.

Ордук ханнык эрэгийиэннэргэ кутталлааҕый? Клещ ордук үөскүүр эрэгийиэннэрин иһигэр киирэллэр: Приморье кыраайа, Еврей автономиялаах уобалаһа, Бурятия, Алтаай, Удмуртия өрөспүүбүлүкэлэрэ, Алтаай кыраайа, Кемерово, Томскай, Тюмень, Свердловскай, Челябинскай, Пермскай, Кировскай, Костромской, Вологодскай, Ленинградскай, Псковскай уобаластар. Саха сиригэр, хотугу эрэгийиэннэргэ уонна Кавказ өрөспүүбүлүкэлэригэр клещ кэлии үөн быһыытынан сыаналанар. Эндемик буолбатах.

373db6c0dd539b801088b00409594d42

Клещ ытырбытын буллахха хайдах дьаһанабыт? Эспиэрдэр тута балыыһаҕа, бырааска барарга сүбэлииллэр. Медиктэр клеһи куттала суохтук ылан баран, лабаратыарыйаҕа анаалыска ыыталлар – ыарыылаҕын-суоҕун билээри. Ол кэннэ сэрэтэр эмп-томп аныыллар. Эккэ-тириигэ сыстыбыт клеһи киһи бэйэтэ туурара сэрэхтээх. Тирии анныгар кини “тииһин-уоҕун” тобоҕо хаалыан уонна кэлин сытыйан тахсыан сөп.

Чугас быраас, балыыһа суох буоллаҕына. Чугаһынан быраас да, балыыһа да суох түгэнигэр, үөнү киһи бэйэтэ тууран көрүөн сөп. Клеһи дьоҕус искэҕинэн (пинцет) эбэтэр моонньугар сабы эрийэн баран, сэрэнэн ылыахха сөп. Клеһи аргыый аҕай туллаҥната-туллаҥната, эрийэн таһаараллар. Хампы баттыыр, ыга тутар – сэрэхтээх. Үөнү ылбыт кэннэ оҥойон хаалбыт бааһы ханнык баҕарар инпиэксийэни бохсор суурадаһынынан ыраастыахха, сотуохха сөп. Оттон клеһи, төһө кыалларынан, лабаратыарыйаҕа анаалыска илдьэн туттарар ордук. Ыарыылааҕын-суоҕун билэр туһугар.

097b847a5f30ec05ae6c1dc03d19011949c48ec6

Хайдах харыстанабыт? Ойуурга сырдык өҥнөөх сабыылаах таҥаһынан сылдьар ордук. Сырдык таҥаска хараҥа клещ олороро үчүгэйдик көстөр. Ойууртан, сыһыыттан тахсан баран, эти-сиини көрүллүөхтээх. Клещ ордук киһи кулгааҕын кэтэҕэр, баттах саҕатыгар, хонноҕор, такымыгар, эмэһэтигэр, түөһүгэр сыстарын сөбүлүүр.

Эрдэттэн харыстаныы. Клещтэн эрдэттэн эмиэ харыстаныахха сөп. Онно быһыы көмөлөһөр. Үчүгэй иммунитет үөскүүрүн туһугар, вакцинаны иккитэ ылыллыахтаах. Холобур, бастакыны күһүөрү сайын, оттон иккиһи кыһын саҥатыгар. Вакцинаны ылыах иннинэ бараастыын сүбэлэспит ордук.

Бэй.кэр.
Хаартыска: интэриниэт аҕаһас источниктарыттан.