Киир

Киир

Бэс ыйын 10 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ соҕурууҥҥу, соҕуруулуу-арҕааҥҥы уонна арҕааҥҥы улуустарыгар көтө сылдьан ардыаҕа, сорох сиргэ этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр. Саха сирин илиҥ эҥээригэр эмиэ ардыаҕа. Этиҥнээх ардах түһэр кэмигэр тыал сөкүүндэҕэ 22 миэтэрэ түргэннээхтик үрүөҕэ. Ол туһунан Гидромет-киин Саха сиринээҕи салаата суруйар.

Бүгүн түүн киин улаастарга +3...+8, хотугуу-арҕаа – +9...+14, Өймөкөөҥҥө 0...-5, күнүскү өттүгэр киин улуустарга +22...+27, соҕуруулуу-илин +17...+22, хотугулуу-арҕаа +10...+15 кыраадыс буолара сылыктанар.

ДЬОКУУСКАЙГА ХАС КЫРААДЫҺЫЙ?

Дьокуускай куоракка дьайҕаран ылар былыттаах. Күүскэ ардыыра күүтүллүбэт. Тыал соҕурууттан сөкүүндэҕэ 5 – 10 миэтэрэ түргэнник үрүөҕэ. Салгын тэмпэрэтиирэтэ түүнүн +6...+8, күнүһүн – +22...+24 кыраадыс.

Бэй.кэр.
Хаартыска: rv.smi44.ru

Бүтэһик сонуннар