Киир

Киир

Бэҕэһээ, бэс ыйын 18 күнүгэр, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр Тураҥнаах диэн сиргэ мунньуллан турбут канализация уута ардахтар түспүттэрин түмүгэр суолу көҥү түһэн, Маатта үрэххэ кирдээх уу киирбитин туһунан олохтоохтор иһитиннэрдилэр.

Ааҕааччыларбыт суруйалларынан, ити сиринэн хас да сыллааҕыта эмиэ быһыт алдьана сылдьыбыт, ол кэннэ кирдээх ууну ыраастыыр эбийиэги туппуттар эбит да, аҕыйах кэм үлэлии түһээт, тоҕо эрэ сабыллан хаалбыт.

Бары билэрбит курдук, Маатта үрэх Сиинэҕэ түһэр, оттон Сиинэ Өлүөнэ эбэҕэ кутар. Онон, судургутук өйдөөтөххө, дьон “кааката” уонна кирдээх уу хас эмэ улуус сирин хабыан сөп. Оттон ол – туох да бэрдэ суох быһыы.

Миэстэтигэр туох үлэ бара турарын билсээри Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыга Алексей Аргуновка эрийи сырыттыбыт. Хомойуох иһин, кини: “Ити нэһилиэк бас билиитигэр киирэр эбийиэгэ буолбатах, онон сиэрдээх, кырдьыктаах уонна бүтэһиктээх информацияны улуус салалтатыттан ылыаххытын сөп. Мин арай үлэ-хамнас бара турар диэхпин”, – сөп диэтэ.

Тута улуус баһылыгар уонна кини солбуйааччыгар официальнай саайка ыйыллыбыт нүөмэрдэринэн эрийэн көрдүбүт да, билиҥҥитэ төлөпүөнү ким да ылбат. Онон, кэтэһэбит эрэ.

Бэй.кэр.
Хаартыска: ааҕааччыларбыт ыыппыт видеоларын скриншота.