Киир

Киир

Бэҕэһээ, от ыйын 1 күнүгэр, Ньурба улууһугар күүстээх тыалы-кууһу кытта сымыыт саҕа кээмэйдээх улахан тобурах түһэн, дьону-сэргэни соһутта. Олохтоох кырдьаҕастар “бачча сааспытыгар диэри маннык улахан тобураҕы өссө көрө илик этибит” дэһэллэр.
 
 
Күүстээх тобурах эбиэт кэннэ Ньурба Хорулатыгар түспүт. Халлаантан түһэр муус аһара улахан буолан, дьиэ кыыла-сүөлэ, ыал оҕуруота, таһырдьа турбут тиэхиньикэтэ эмсэҕэлээбиттэр. Хата, дьолго, оҕо-уруу, киһи эчэйбэтэх.
 
photo 2024 07 02 10 20 38
 
 

Санатар эбит буоллахха, бэс ыйыгар суруналыыс, Чурапчы Хайахсытын баһылыга, норуот билгэһитэ Тарас Тарасов-Тускул:

“Быйыл сайын айылҕа дьикти уларыйыылара буолуохтара. Тэмпэрэтиирэ эмискэ хамсааһыныттан сылтаан күүстээх тыаллар, холоруктар түһүөхтэрин, ардаҕа суох кураанах этиҥ, чаҕылҕан элбээн, ойуур баһаардарын күөртүөхтэрин, сорох сирдэргэ тобурахтаан, ыаҕастаах уунан куппут курдук ардаан, хоромньуну оҥоруон сөп. Онон туохха барытыгар эрдэттэн бэлэм буолуҥ. Дьиэҕит сабараанньатын, сарайдарын бөҕөргөтүҥ, икки өттүттэн хаптаһынынан сабыҥ, тыалга көтүөх малы күлүк сиргэ ууруҥ.бу сайын соһутуоҕа, дьиктилэри көрдөрүөҕэ”, – диэн сэрэтэн турар.

photo 2024 07 02 10 26 20
 
Ол эппитэ илэ-чахчы кэллэҕэ. Өссө тугу күүтэбит?
 
Бэй.кэр.
Хаартыска: социальнай ситимнэр.