Киир

Киир

Бүгүҥҥү туругунан Арассыыйа Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтэ (ЫБММ) нэһилиэнньэлээх пууҥҥа чугаһаабыт 11 айылҕа баһаарын күүскэ хонтуруоллуур диэн сүрүн управление иһитиннэрэр.

Ол курдук, Өлүөхүмэ улууһугар Бэс-Күөл сэлиэнньэттэн  9,8 км сиргэ 13 059 га умайа турар. Манна 62 киһи уонна 3 тиэхиньикэ үлэлиир. Хата уоту бохсууга үрэхтэр уонна күөллэр көмө буолаллар. Дабаан сэлиэнньэтиттэн 10 км сиргэ 15 302 га умайа турар. Манна 4,7 км уһуннаах минералламмыт балаһа оҥоһулунна. 95 киһи уонна 14 тиэхиньикэ үлэлиир. Куду-Күөл сэлиэнньэттэн  9,4 км сиргэ 3 680 га иэннээх баһаар буола турар. 69 киһи үлэлиир. Тээнэ аттыгар 7,8 км сиргэ - 2 551 га иэннээх баһаар. 56 киһи уонна 1 тиэхиньикэ үлэлиир.

Үөһээ Бүлүү улууһун Быракаан сэлиэнньэтиттэн  10 км сиргэ 11 627 га умайа турар. Манна 127 киһи уонна 22 тиэхиньикэ үлэлиир. Өргөттөн 15 км тэйиччи 7 476 га иэннээх баһаар буола турар. 75 киһи уонна 10 тиэхиньикэ үлэлиир.

Абый улууһугар 10 км сиргэ 2 улахан баһаар буола турар. Белая гора сэлиэнньэ аттыгар 12 181 га иэннээх сир умайар. Манна 77 киһи уонна 2 тиэхиньикэ үлэлиир. Киэҥ Күөл сэлиэнньэ аттыгар 57 492 га умайар. 54 киһи уонна 4 тиэхиньикэ үлэлиир.

Ленскэй улууһун Орто Наахара сэлиэнньэтиттэн 10 км сиргэ 10 га иэннээх сир умайар. Манна 6 эрэ киһи үлэлиир диэбиттэр.

Үөһээ Дьааҥы улууһун Сайдыы сэлиэнньэтиттэн 5 км  17 125 га иэннээх баһаар буола турар. 26 киһи үлэлиир.

Кэбээйи улууһугар  Арыктаах сэлиэнньэтиттэн 10 км сиргэ 2,5 га иэннээх сир умайар. Манна 4 киһи уонна 2 тиэхиньикэ үлэлиир.

РФ ЫБММ Саха сиринээҕи сүрүн управлениетын салайааччыта Павел Гарин  бүгүн Бе-200 сөмөлүөттэри кытта Ми-8 бөртөлүөт Абый уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар үлэлииллэрин иһитиннэрдэ.

Сонун төрдө: «Авиалесоохрана» тэрилтэ пресс-киинэ