Бу күннэргэ Саха сирин кэккэ улуустарыгар халлаан сылыйар чинчилээх. Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр этэллэринэн, сорох сиргэ инньэ “+” кыраадыс буолуоҕа.
Красноярскай кыраай диэкиттэн иһэр циклон өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар сылаас салгыны үүрэн аҕалыаҕа. Онон сибээстээн, соҕуруулуу-арҕаа улуустарга халлаан +1 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Оттон атын сиргэ хайдах буоларын туһунан УГМС Саха сиринээҕи салаатын үлэһитэ Саргылаана Никитина СИА-ҕа бу курдук кэпсээбит.
“Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕаа уонна соҕуруу улуустарыгар салгын тэмпэрэтиирэтэ күнүс 0...-5 С буолуоҕа, сорох сиргэ +1 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Киин улуустарга эмиэ халлаан сылыйарын күүтэбит”, – диэн Саргылаана Никитина иһитиннэрэр.
Киин улуустарга салгыммыт чэппиэргэ сылыйыахтаах. Ити күн күнүс -4...-9 буолара күүтүллэр.
“Ол гынан баран, өрөбүллэртэн эмиэ тымныйан барыаҕа, -13 кыраадыска тиийэ түһүөҕэ. Арай соҕуруулуу-арҕаа уонна соҕуруу сылаас күннэр салгыы туруохтара. Хотугулуу-илин халлаан тымныйыа. Ол эҥээр түүнүн -30...-35 буолуо диэн сылыктыыбыт”, – диир Саргылаана Никитина.
Синоптик иһитиннэрэринэн, киин улуустарга сэтинньи саҥатыттан -30 кыраадыстаах тымныылар түһэн барыахтара.