Киир

Киир

Саха сиригэр барытыгар кэриэтэ тымныы салгын сабардаан турар.

Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр сэтинньи 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ -40 кыраадыстаах тымныылар түһүөхтэрэ диэн сылыктыыллар. Ол туһунан УГМС Саха сиринээҕи салаатын Метеорология уонна агрометеорология билгэлээһинэригэр отделын салайааччыта Саргылаана Никитина кэпсиир.

“Тымныы салгын Саха сиригэр барытыгар кэриэтэ сабардаан турар. Кэлэр икки суукка иһигэр Горнай улууһугар номнуо -30 кыраадыс буолуоҕа. Оттон хотугулуу-илин халлаан дьайҕаран ылар кэмигэр -40 кыраадыстаах тымныы түһүөҕэ. Халыма эҥээр сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээхтик тыалырыа. Арай киин улуустарга халлаан нуорматтан улаханнык халбаҥнаабакка, кэминэн турар, чинчилээх: түүнүн – -23...-28, күнүһүн – -13...-18”, – диир Саргылаана Никитина.

Эспиэр иһитиннэринэн, бу нэдиэлэҕэ соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа улуустарга эрэ арыый сылаас күннэр туруохтара үһү.

“Билигин Саха сирин соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕааҥҥы эҥээригэр кыралаан хаардыы турар. Онон, түүнүн халлаан күүскэ тымныйбат. Холобур, аан күн күнүс Ленскэйгэ +2 кыраадыс буолбута. Инньэ гынан, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа уонна Нерюнгрига кыра хаардаах, ичигэс күннэр үүнүөхтэрэ”, – диир Саргылаана Никитина.

Бу түүн Дьокуускайга кыраһалыа, -19...-21 кыраадыс буолуо. Оттон сарсын күнүс -13...-15 буолара күүтүллэр.

Бэй.кэр.
Хаартыска: Галина Давыдова @davydovagalina6533, Таатта.