Киир

Киир

Саха сирин бүттүүнүн кэриэтэ сабардаан турбут сылаас салгын сыыйа халбарыйан эрэр. Онон бу өрөбүллэргэ Дьокуускайга, киин уонна арҕааҥҥы улуустарга 30 кыраадыстаах тымныылар түһүөхтэрэ. Халлаан туругун туһунан СИА-ҕа УГМС Саха сиринээҕи салаатын салайааччытын солбуйааччыта – Гидромет-киин начаалынньыга Татьяна Маршалик кэпсээбит.

“Арҕааттан циклон кэлбитинэн сибээстээн, кэлэр икки суукка устата өрөспүүбүлүкэ үгүс улууһугар кыралаан хаардыаҕа. Салгын тэмпэрэтиирэтэ нуорматтан арыый үрдүк буолуоҕа уонна өрөбүллэртэн тымныйан барыаҕа. Ити ордук арҕааҥҥы улуустарга биллиэҕэ. Өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар халлаан эмиэ тымныйар чинчилээх. Бээтинсэҕэ киин улуустарга -30 кыраадыстан тымныйыа. Ол иһигэр Дьокуускага эмиэ. Илин эҥээргэ онтон өссө тымныйыа – -32...-37 буолуоҕа”, – диэн Т.Маршалик сырдаппыт.

Бу күн Дьокуускайга түүн -25...-27, күнүс -18...-20 буолара күүтүллэр.

Бэй.кэр.
Хаартыска: rayvesti22.ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар