Сэтинньи ыйга Арассыыйаҕа барытыгар, ол иһигэр Саха сиригэр, аномальнай ичигэс күннэр буолуохтара үһү. Ол сылыйыы Атлантика байҕалыттан сылаас салгын кэлиитин уонна аан дойду бүттүүн итийиитин кытта ситимнээх. Инньэ диэн Арассыыйа Гидромет-киинин салайааччыта Роман Вильфанд кэпсиир.
“Уопсайынан, дойдуга барытыгар кэриэтэ олус үрдүк тэмпэрэтиирэ сабардаан турар. Ол Атлантикаттан салгын балаһата кэлиитин кытта ситимнээх. Оттон онтон салгын үрдэ да, халлаан сылыйбытынан барар. Аны туран, урукку өттүгэр Атлантика байҕалыттан кэлэр сылаас салгын Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ тиийбэккэ уостан-сүтэн хаалар буоллаҕына, кэлин аан дойду бүттүүн сылыйан, ити эҥээргэ кэлэр буолла”, – диир тойон Вильфанд.
Онон, нуорманы куоһарар тэмпэрэтиирэ Сибииргэ барытыгар уонна Саха сирин арҕааҥҥы улуустарыгар кэлиэхтээҕэ сылыктанар.
“Ити курдук сыыйа-баайа сылаас салгын кэлин Саха сирин киин улуустарыгар эмиэ тиийэр, сэтинньитээҕи тэмпэрэтиирэ нуорматтан 16-20 кыраадыһынан сылаас буолуоҕа”, – диир метеоролог.