Сэтинньи 20 күнүгэр Үөһээ Дьааҥы улууһугар халлаан лаппа тымныйан, -48 кыраадыс буолан, аҕыс оскуола алын сүһүөх уонна орто кылыыһын оҕолоро үөрэммэтилэр. Кыһын илэ-бодо кэлбит. Ол туһунан улуус үөрэххэ управлениетын иһитиннэриитигэр олоҕуран, СИА суруйар.
Ол курдук, сэтинньи 20 күнүгэр маннык оскуолалар оҕолоро үөрэммэтэхтэр:
- В.С. Чириков аат. Адыаччы орто оскуолата: 1 – 6 кылаастар;
- Арыылаах орто оскуолата: 1 – 4 кылаастар;
- Мачаха алын сүһүөх оскуолата: 1 – 4 кылаастар;
- Сартаҥ орто оскуолата: 1 – 6 кылаастар;
- Оһохтоох алын сүһүөх оскуолата: 1 – 4 кылаастар;
- Эҥэ орто оскуолата: 1 – 7 кылаастар;
- Чөрүмчэ орто оскуолата: 1 – 6 кылаастар;
- И.И. Котельников аат. Дулҕалаах орто оскуолата: 1 – 7 кылаастар.
“-48 кыраадыс тымныыга 1 – 6 кылаас, -50 кыраадыска – 7 кылаастар үөрэммэттэр. 8 – 9 кылаастар – -52 кыраадыска, оттон -55 буоллаҕына – бары”, – диэн үөрэх салалтатыгар кэпсээбит.
Бэй.кэр.
Хаартыска: 100yakutia.ru