Сэтинньи тиһэх күннэригэр халлааммыт эмиэ да тымныйыа, эмиэ да сылыйыа, уопсайынан, кубулҕатырыа, ол кэннэ, аны, “аномальнай” сылаас буолуо. Ити туһунан СИА-ҕа Гидромет-киин Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Татьяна Маршалик кэпсээбит.
“Бу нэдиэлэҕэ халлааммыт уларыйа сылдьыаҕа: эмиэ да тымныйыа, эмиэ да сылыйыа. Уопсайынан, быйылгы сэтинньини аномальнай сылаас диэххэ сөп: билигин өрөспүүбүлүкэ бары кэриэтэ улууһугар салгыммыт тэмпэрэтиирэтэ нуорматтан 5 – 12 кыраадыһынан сылаас турар. Ый бүтүөр диэри, бэл, хотугулуу-илиҥҥи улуустарга улаханнык тымныйар сибикитэ суох. Арай бүгүн муҥутуур тымныы Өймөкөөҥҥө түстэ, -43 кыраадыс буола сырытта. Ол гынан баран, өтөр онно сылыйан барыаҕа”, – диэн Татьяна Маршалик сэһэргээтэ.
Кэлэр икки күн иһигэр киин уонна соҕурууҥҥу улуустарга Сибииртэн антициклон иһэринэн, халлааммыт арыый тымныйыаҕа. Түүнүн -30...-37 буолуоҕа. Онтон сэтинньи 28 уонна 29 күннэриттэн сылаас салгын кэлэрин суотугар, -18...-20 буолара күүтүллэр.
“Халлааммыт арай Арктика кытылыгар буортуйан туран, онно улахан циклон кэллэ. Анаабырга уонна Булуҥҥа сөкүүндэҕэ 30 м/т тыалырда. Тиксии хомотугар инньэ сөкүүндэҕэ 35 м/т буола сырытта, силлиэрдэ. Ити курдук халлаан хоту өссө хас да күн туруо эрээри, бүгүҥҥүттэн тыала-кууһа арыый намырыйан барыаҕа”, – диэн метеоролог эттэ.