Киир

Киир

“Кыым” хаһыат ааспыттааҕы нүөмэригэр эһиэхэ анаан Ленскэй куоракка АЛРОСА хампаанньа көмөтүнэн икки улахан уулусса киһи билбэт гына уларыйбытын, тупсубутун туһунан кэпсээбиппит. Дьон-сэргэ, оҕо аймах сөбүлээн сылдьар уопсастыбаннай сирдэрин тупсаран, саҥардан оҥорор бырайыактары алмаастаах хампаанньа үбүлээбитэ биир-икки эрэ сыл буолбата – букатын ыраатта.

Ол курдук, АЛРОСА тыырар үбүгэр-харчытыгар олохтоох дьон иллэҥ кэмин табыгастаахтык атаарар былаһааккалара, пааркалара, искибиэрдэрэ, о.д.а. түһүлгэлэрэ тутуллаллар, дьэндэйэн тахсаллар. 

Кэпсээммитин салҕаан, хаһыаппыт бүгүҥҥү нүөмэригэр Алдан улууһугар баар оннук эбийиэктэр тустарынан салгыы сырдатыахпытын баҕарабыт.

АЛРОСА хампаанньа өрөспүүбүлүкэбит бөһүөлэктэрэ уонна куораттара кэрэ, аныгылыы тупсаҕай көстүүлээх буолалларын туһугар, кырата суох кылаатын киллэрэр. Ол иһигэр кэлиҥҥи сылларга хампаанньа куорат иһигэр хаачыстыбалаах эйгэни тэрийэргэ эмиэ болҕомтотун уурар. Ол курдук, 2011 сылтан бэттэх АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн Саха сирин 30 улууһугар 40-тан тахса эбийиэк тутулунна уонна саҥардылынна.

“Орто Салаа” эко-паарка

Уонча сыллааҕыта Орто Салаа диэн кыра үрүччэ кытылынан дьаарбайа сылдьар Алдан олохтоохторо “Хаһан эмэ куораппыт таһынан ааһар суос-соҕотох үрүйэбит кытылыгар киһилии сынньанар, дьаарбайар, иллэҥ кэми атаарар анал сир оҥоһуллара буоллар” дии саныыллара. Ол баҕа санаалара соторутааҕыта дьэ туолбута – Орто Салаа үрэх аатынан ааттаммыт эко-паарка, судургутук эттэххэ, айылҕа сынньалаҥ түһүлгэтэ, тэриллибитэ.

Бу былырыын эрэ тутуллубут саҥа түөлбэ бырайыагын өрөспүүбүлүкэ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын уонна АЛРОСА хампаанньа көмөлөрүнэн “LETO” диэн кэмпитиэнсийэ киинэ олоххо киллэрбитэ.

Дьиҥэр, куорат сирин-уотун быһа охсон ааһар соҕотох үрүйэни Алдан олохтоохторо өссө 1990-с сыллар саҕаланыыларыгар уларыта-тэлэритэ, тупсара сатаабыттара. Ол гынан баран, ити баҕа санаа уонна үтүө дьулуур оччолорго кыаллыбатаҕа. Онон, отучча сылы быһа күүттэрэн-күүттэрэн баран, дьэ олоххо киирдэ.

Otro Sala 5

Куорат олохтоохторо киэн тутта, астына кэпсиир биир сүрүн түөлбэлэрэ буолбут паарка хайдах тутуллубутун, дьэндэйэн тахсыбытын туһунан биһиэхэ Алдан сүрүн архитектора Елена Леонова кэпсээтэ:

– Биһиги бу сир бырамыы-сыланнаһы уонна айылҕаны кытта ыкса ситимин, уратытын чорботон көрдөрө сатаатыбыт. Үчүгэйэ диэн, үрэхпит төрүкү кэрэ көстүүтүн тугу да уларыппатыбыт, оту-маһы кэрдибэтибит-алдьаппатыбыт, чөл бэйэтинэн хааллардыбыт. Ол иһин эко-паарка диэн сүрэхтээтибит. Пааркабыт куораппыт биир саамай кэрэ көстүүлээх сирэ буолла, манна тыыннаах айылҕа уонна куорат эйгэтэ олус үчүгэйдик дьүөрэлэһэллэр. Оҕо-уруу оонньуур сирдэрэ, успуордунан дьарыктанар уонна сатыы хаамар түһүлгэлэр, ону тэҥэ уу долгунун санатар үрэҕи туоруур күргэлэр – бары биир истииллээхтэр, олуонатык көстөр, киһи хараҕын аралдьытар тутуу суох.

Эко-пааркабытын хас да кэрчиккэ араарыахха сөп: киирэр аан, дьон олорон, аараан ааһаар бэсиэткэлэрэ, быа паарката (веревочнай), памп-трек, хаартыскаҕа түһэр сир, ыты күүлэйдэтэр былаһаакка уонна эко-ыллыктар. Паарка былаһын тухары киһи олорор ыскаамыйалара, массыына анал тохтобуллара, бөх тоҕор сирдэр уонна чэпчэлэр (туалеттар) бааллар. Оттон килбэйэр киинигэр кини тэбэр сүрэҕэ – сыана уонна амфитеатр – тураллар. Былырыыҥҥыттан онно араас тэрээһин, кэнсиэр ыытыллар буолла.

Алдан олохтоохторо паарка саҥардылларын, тупсарын олус өр кэтэспит буоланнар, ыытыллыбыт үлэҕэ көхтөөхтүк кыттыбыттара. Оттон ол – биһиги бары кыттыһан толкуйдаабыт бырайыакпыт уонна Алдан куорат маастар-былаана ситиһиилээхтик олоххо киирэ туралларын, куораппыт күн-түүн тупсарын, олорорго-сынньанарга табыгастаах буолан иһэрин туоһулуур. Маастар-былаан быһыытынан, Алдан куорат кэнэҕэһин өрөспүүбүлүкэ биир саамай табыгастаах, кэрэ көстүүлээх куората, Саха сирин соҕурууҥҥу улуустарын экэнэмиичэскэй сайдыытын хамсатар күүһэ буолуохтаах, – диэн сүрүн архитектор Елена Леонова эрэнэ кэпсиир.

Otro Sala 1

Саҥа эко-паарка, кырдьык даҕаны, Алдан куорат олохтоохторо биир саамай сөбүлээн сынньанар уонна саамай сүрүнэ бэйэлэрин баҕаларынан-күүстэринэн тутуллубут сирдэрэ буолла. Уопсастыбанньык Мария Барамыгина куорат дьаһалтатыгар тупсаҕай паарка оҥоһуллуохтааҕын туһунан өссө 2015 сыллаахха туруорса сылдьыбыт эбит.

– Оччолорго билиҥҥи курдук нэһилиэнньэ туһатыгар чахчы уонна дьиҥнээхтик үлэлиир бырайыактары өйүүр араас федеральнай бырагыраамалар суохтар этэ. Билигин оннук бырагыраамалар олоҕу тупсарар күүстээх үстүрүмүөн буоллулар. Ол да буоллар, оччолорго даҕаны биһиги идиэйэлээх этибит, онтубутун күүскэ туруорсарбыт, харахпыт-сүрэхпит умайа сылдьар буолара. Бастакы хардыыларбытын оҥорон, биир санаалаахтарбытын мунньубуппут, бэл, оҕуруонан тиһэн, пааркабыт макыатын кытта оҥоро сылдьыбыппыт.

Орто Салаа үрэх – куораппыт таһынан ааһар соҕотох үрэх. Оттон кини куорат кииниттэн бэрт чугас сытарын, сатыы да, массыыналаах да киһи тиийэр суола-ииһэ үчүгэйин учуоттааттахха, тааҕы-таах паарка буолар кыахтааҕа. “Паарка буоллун” диэн айылҕа бэйэтэ анаабыт курдук.

Билигин Алдан эдэр да, эмэн да өттө – бары сөбүлээн сынньанар сирдэрэ буолан турар. Ыалдьыттарбыт кэлэн көрөн-истэн, сынньанан-астынан бардахтарына, “Маннык куоракка олорбут киһи” диэтэхтэринэ, олус үөрэбит. Пааркабытыттан күнүс уонна киэһэ дьон-сэргэ саҥата мэлдьи иһиллэр буолла, чуумпурбат. Урут онно бэрт ахсааннаах киһи баран дьаарбайан кэлэрэ. Оо, оттон ийэлэргэ хайдах курдук үчүгэйий?! Мин, элбэх оҕолоох ийэ, олус үөрдүм: оҕолору кытта сылдьарга табыгастаах, ыраас, чэбдик, куттала суох.

Otro Sala 6

Онон, паарка дизайн-бырайыагын оҥорбут уонна ону барытын олоххо киллэрбит бука бары дьоҥҥо улахан махталбын тиэрдэбин.

Эбэн эттэххэ, эко-пааркаҕа өссө тапталлаахтар ааркалара баар. Икки сыл анараа өттүгэр биһиги онно аан бастакытын эдэр ыал олоҕун дьиҥ таһымнаахтык сокуонунан холбообуппут. Ол үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ ити күннэргэ үлэтинэн Алдан улууһугар кэлэ сылдьар Айсен Николаев соһуччу тиийэн кэлэн, олус долгуйбуппут, үөрбүппүт даҕаны.

Уопсайынан, бу эко-паарка дьиҥ чахчы дьон куттала суохтук сылдьарыгар, табыгастаахтык, холкутук сынньанарыгар анаан оһуллубут. Биллэн турар, биһиги онтон олус астынныбыт, – диэн “Дари добро” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ, куорат көхтөөх олохтооҕо Мария Барамыгина кэпсиир.

Алдан куорат олохтоохторо бу эко-паарка өссө тупсуо, сайдан иһиэ, эбии дьону аһатар сирдэр, сылаас павильоннар баар буолуохтара диэн эрэнэллэр.

“Укулааҥҥа” сынньаныах

“Укулаан” сынньалаҥ түөлбэтэ – Алдан улууһун дьоҕус Томмот куоратын киэн туттуута. Оттон баара-суоҕа аҕыйах сыллааҕыта бу сынньалаҥ түөлбэтин оннугар быраҕыллыбыт кирпииччэ собуота турбута, киһи-сүөһү тохтообот кураанах сирэ этэ. Ол гынан баран, үрэхтээҕэ, уулааҕа-хаардааҕа.

– “Укулан” диэн тылы эбэҥки тылыттан “тоҥмот” диэт тылбаастыыллар. Ол Томмот куорат сахалыы аатыгар эмиэ дьэҥкэтик көстө сылдьар. Бу сынньалаҥ түөлбэтин дизайнын оҥороллоругар куорат сүрүн бэлиэлэрэ буолар тимир суолу уонна Кыһыл кинигэҕэ киирэр “венерин башмачок” сэдэх сибэккини учуоттаабыттара. Билигин “Укулан” куорат устуоруйатын уонна кэлэр өттүгэр Саха сирин соҕурууҥҥу улуустарыгар бырамыысыланнас устуоруйатын көрдөрүөхтээх түмэл туруохтаах сирин кытта быһаччы сыһыаннаах аныгы түөлбэ.

Укулан 2

“Укулаҥҥа” киириигэ Томмот куорат архитектурнай-уус-уран уобараһын бэлиэтэ буолар улахан аарка турар. Сынньалаҥ түөлбэтин иһигэр дьыл кэмин учуоттаан үлэлиир павильоннар, аһыыр-сиир былаһааккалар, сатыы дьон туоруур икки күргэтэ, бэисипиэтинэн сылдьарга аналлаах ыллык-суол, скаладром, ыты күүлэйдэтэр сир, сайынын тыынан хатааһылыыр, оттон кыһынын хаҥкылыыр үрэх үрдүгэр амфитеатр бааллар. Ону таһынан, тэрээһин буолар сиригэр ураһа быһыылаах сыана турар. Дьон-сэргэ сынньанарыгар-сылдьарыгар аналлаах түөлбэ биир сүрүн уратыта диэн – кини кыһыннары-сайыннары үлэлиир уонна куораппыт устуоруйатын кытта быһаччы ситимнээх, – диэн олохтоох дьаһалта исписэлииһэ Елена Тележкина кэпсээтэ.

Томмот олохтооҕо Татьяна Халикова – эдэр ийэ. Кини кэпсииринэн, кэлиҥҥи икки сыл иһигэр төрөөбүт куората биллэрдик уларыйбыт, күн-түүн тупса турар.

– Анал сынньанар түөлбэ арыллыбытыгар биһиги куораппыт олохтоохторо бука бары олус үөрдүлэр. Маннык курдук аныгы сынньанар, бириэмэни атаарар сир урут суоҕа, олус наадыйар этибит. Онон, “Укулан” үлэҕэ киирээтин кытта, тута сөбүлээн сынньанар сирбит буолла. Онно тиийэн кэрэ көстүүлээх ыллыктарынан дьаарбайыахха, айылҕаҕа сылдьыахха, чэбдик сылгыҥҥа күүлэйдиэххэ сөп. Паарка иһигэр олус элбэх анал сынньанар сир баар: ыскаамыйалар, бэсиэткэлэр, оҕо былаһааккалара, о.д.а. Ону таһынан, “Укулаҥҥа” кэмиттэн-кэмигэр араас тэрээһин уонна бэстибээл ыытыллар.

Укулан 3

Саҥа пааркабыт элбэх киһи сөбүлээн сылдьар, түмсэр, иллэҥ кэмин атаарар киинэ буолла. Хаһан да күүлэйдии кэллэххэ, кэккэлэһэ олорор ыалларгын, доҕотторгун, кэллиэгэлэргин көрсүөххэ сөп. Дьон бары манна тоҕуоруһар. Онно тиийэн биир улахан дьиэ кэргэн сорҕотун курдук сананыаххын сөп.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар