Атырдьах ыйын 26 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр 23 сиргэ тыа-ойуур умайа турар. Ити иннинээҕи күн барыта 992 гаа иэннээх сэттэ уоту умулларбыттар, 29 гаа иэннээх түөрт баһаары хаайбыттар. Ол туһунан, үгэс курдук, Экология министиэристибэтэ суруйар.
Бу күннээҕи көрдөрүүнэн, 9,4 тыһыынчаттан тахса гаа иэннээх уот Үөһээ Дьааҥы, Горнай, Эдьигээн, Ленскэй, Мииринэй, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Орто Халыма, Таатта, Томпо уонна Чурапчы сирдэригэр умайа турар.
Уоту барыта 427 киһи уонна 21 тиэхиньикэ умуллара сылдьар. Үөһэттэн көтө сылдьан кэтээн көрүүгэ 20 борт былааннанан турар, умулларыыга – биэс.
Баһаартан сылтаан миэстэтигэр ураты эрэсиим Өлүөхүмэҕэ, Чурапчыга, Эбээн Бытантайга уонна Жатайга олохтоммут. Ыксаллаах быһыы-майгы Мииринэйгэ биллэриллибит.
Бэй.кэр.
Хаартыска: МЧС России
