Муус устар 20 күнүттэн Лабыдьаҕа баар экологическай суолунан сылдьыы тохтотулунна. Бу туһунан паарка дьаһалтата иһитиннэрдэ.
Сүрүн төрүөтэ: Тымныылар бүтэн, "Батамай — Лабыдьа" массыына суола сабыллыбытынан сибээстээн, Лабыдьа сиригэр баар "Өлүөнэ очуостара" диэн экологическай суол сабылынна.
Паарка дьаһалтата бэлиэтииринэн, сааһын өрүскэ муус кэбирэх буолар, оттон хаардаах суоллар бөҕө туруктарын сүтэрэллэр. Ол иһин туристары бу хааччахтааһыннарга өйдөөн сыһыаннаһалларыгар уонна быраабылалары тутуһалларыгар көрдөһөллөр.
Экологическай суол сайыҥҥы сезон саҕаланыытыттан эрдэ аһыллыа суоҕа. Сайыҥҥы сезон аһыллар күнэ эбии иһитиннэриллиэҕэ.
Бэй.кэр.
