Реклама Кыым 300-250 (МОБ)

Бэс ыйын 16 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр түөрт улууска сэттэ ойуур баһаарын утары киирсэллэр. Ол туһунан СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Үөһээ Бүлүүгэ сир кырсынан барар саҥа баһаар көһүннэ, иэнэ 3 гаа диэн буолла. Онно “Авиалесоохрана” 10 исписэлииһэ тиийэн үлэлээн эрэр.

Ордук уустук балаһыанньа Ленскэй улууһугар үөскээн турар. Онно үс сиргэ улахан уот баар. Уопсай иэнэ – 2 146 гаа. Уоту бохсууuа “Авиалесоохрана” – 125, “Якутлесресурс” – 27 исписэлииһэ үлэлии сылдьар, 3 тиэхиньикэлээхтэр.

Итини сэргэ бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥаласка, Ленскэйгэ уонна Уус Майдаҕа баар кэккэ уоттары төгүрүйдүлэр – барыта 23 гаалаах сири. Бу сарсыарда Мэҥэ Хаҥаласка 3,2 гаалаах уоту умуллардылар.

Сиргэ-уокка сылдьан тыа-ойуур умайарын, буруо тахсарын көрдөххүтүнэ? маннык нүөмэргэ эрийиҥ: 8-800-100-94-00, 8 (4112) 44-74-76, 8 (4112) 44-77-28.

Бэй.кэр.
Хаартыска: интэриниэттэн.    

Бүтэһик сонуннар