Киир

Киир

Амма улууһугар ыксаллаах быһыы-майгы биллэрилиннэ. Ардахтар уонна хаар үүнээйигэ 100 мөл. солк. хоромньуну таһаардылар. Бу туһунан Амма улууһун баһылыга Николай Архипов иһитиннэрэр.

Атырдьах ыйын аҥарыттан саҕалаан балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри түспүт сөҥүү улууска үүнээйигэ улахан охсууну оҥордулар. Улуус баһылыга этэринэн, хоромньу 100 мөл. солк. тэҥнэһиэн сөп. 3,5 тыһ. га бурдук хаар анныгар хаалла.

“Аны кэлэн үүнээйи хомууруттан дохуот ыларбыт саарбах. Хомуур хампаанньатын “Амма” хаһаайыстыба эрэ саҕалаабыта, атыттар отой да тахсыбатылар даҕаны”, — диэтэ Архипов.

Баһыык этэринэн, ыксаллаах быһыы-майгы үүнээйи хомуура түмүктэниэр диэри туруоҕа. Билигин улууска самыыр тохтообут.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар