Бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 489 гаа иэннээх 11 баһаары умалларбыттар. Ол иһигэр Томпоҕо, Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Өлүөхүмэҕэ уонна Ньурбаҕа.
Оттон бу сарсыардааҥҥы туругунан, Саха сиригэр уопсайа 27 965 гаа иэннээх 62 ойуур баһаара баар. Онтон 18 баһаарын умуллара сылдьаллар. Баһаарынайдар Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Томпоҕо, Нерюнгрига, Эдьигээҥҥэ, Мииринэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Тааттаҕа, Сунтаарга, Хаҥаласка, Орто Халымаҕа, Уус Майдаҕа уонна Үөһээ Дьааҥыга үлэлииллэр. Уоту утары 676 киһи охсуһар.
16 муниципальнай тэриллии сиригэр баһаары утары ураты эрэсиим биллэриллэн турар. Бу күннэргэ Саха сиригэр бүтүннүүтүгэр оннук эрэсиими олохтуур быһаарыы ылыныллыан сөп.
Сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 262 ойуур баһаара бэлиэтэннэ.
Бэй.кэр.
Хаартыска: yakutia.kp.ru
