Бүгүн, атырдьах ыйын 21 күнүгэр, Саха сирин соҕурууҥҥу уонна илиҥҥи улуустарыгар ардыаҕа, илин кэккэ сиргэ күүскэ ардыа, хотугулуу-илин хайалаах түөлбэлэргэ инчэҕэй хаар түһүө. Ол туһунан Гидрометкиин иһитиннэрэр.

Кыралаан тыаллаах, Арктика кытылыгар күүһүрэн ылар кэмигэр сөкүүндэҕэ 15—19 миэтэрэ түргэннээхтик үрүө. Температура түүнүн +2...+7, хоту 0...-5, арҕааҥҥы улуустарга тоҥоруо. Күнүс киин улуустарга +13...+18, хоту +5...+10, арҕаа +20 тиийиэ.

Дьокуускайга түүнүн уонна сарсыарда кыралаан ардыаҕа. Түүнүн +5...+7, күнүс  +16...+18 кыраадыс сылаас. Хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 4—9 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.

Кыым.ру.
Хаартыска: СИА

Бүтэһик сонуннар