Киир

Киир

РФ СК Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи силиэстийэлиир управлениетын Мииринэйдээҕи силиэстийэлиир отдела Иирэлээх үрэх киртийиитинэн сибээстээн, холуобунай дьыаланы тэрийбитин туһунан СИА суруйар.

Билэргит курдук, быйыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр Мииринэй улууһугар күүстээх уһун ардах түспүтүн түмүгэр Алмазнай бөһүөлэккэ 7 №-дээх Иирэлээхтээҕи быһыт көҥү түспүтэ. Ол түмүгэр АЛРОСА хампаанньа Мииринэйдээҕи ХБКтын “Иирэлээх” бириискэтин котлаваныттан уу Иирэлээх үрэххэ кутуллубута.

Бу күннэргэ силиэстийэ саахал туохтан тахсыбытын, онно ким буруйдаах буолуон сөбүн быһаарарга үлэлэһэр.

Санааҕын суруй