Киир

Киир

Илин-Сибиир байҕалыгар, Саха сирин территориятыгар киирсэр Медвежьи арыыларга, 2020 сылга диэри Саха сиригэр үөскүүр үрүҥ эһэ заповеднигын тэрийиэхтэрэ.

белые медведи

“Заповеднигы “Медвежьи острова” эрэгийиэннээҕи ресурса резерватын базатыгар эбэтэр атын барыйаан көһүннэҕинэ, онно тэрийэр былааннаахпыт”, - диир экология миниистирэ Сахамин Афанасьев.

Миниистир этэринэн, Аллараа Халымаҕа уонна Аллайыахаҕа үрүҥ эһэ ахсаанын 2008 сылтан WWF Арассыыйатааҕы салаата кэтээн көрөр. Саха сирэ WWF “Медвежийь патруль” бырайыагар 2008 сылтан кыттыспыта. Кинилэр үрүҥ эһэни кэтээн көрүүгэ үбүнэн көмөлөһөллөр.

Саха сиригэр үрүҥ эһэ, сүрүннээн, Медвежьи арыыларга тахсан төрүүр-ууһуур, арҕаҕын хастар. Онон заповеднигы тэрийии үрүҥ эһэлэргэ тыын суолталаах буолуон сөп.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар