Киир

Киир

Амыр уобалаһын уонна Саха сирин кыраныыссатыгар 3,5 магнитудалаах сир хамсааһына буолбут. Бу туһунан Амырдааҕы гражданскай көмө уонна баһаары утары Киин биллэрэр.

Сир хамсааһына Зея оройуонун Кировскай бөһүөлэктэн 40 км хоту сиргэ буолбут. Сир хамсааһына бэҕэһээ 22 ч. 45 мүн. (Москуба бириэмэтинэн 16:45 ч.) буолбут. Дьолго, биир да тутуу, киһи эмсэҕэлээбэтэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар