Киир

Киир

Ыгыатта үрэх Мииринэй оройуонун сириттэн саҕаланар. Баранар баһа - Моркуока дэриэбинэтиттэн икки көс,  соҕуруу диэки мырааннаах систэргэ сытар. 


Ийэ айылҕа харыстанар сирин ойоҕолуу, Марха өрүһү кытары сэргэ, киниттэн  олус ырааҕа суох сиргэ баар. Бу сирдэри геологтар бүттэтэ суох тэпсибиттэрэ ыраатта. Өссө 1995, 1998 сыллардаахха, ыраах Ааппычча үрэҕэр оттуу сылдьаммын, Ыгыатта арҕаа  салаатыгар - Өрөгүчэй үрэҕэр балыктаһа тахса сылдьыбытым. 
Онно Сүлдьүкээр уолаттарын кытары геологтар ыыспаларыгар хоммуппут. Геологтар олус чанчарыктык, кирдээхтик олорбуттарын, ыыспа таһынааҕы ойууру  бөх-сах гынан уураппыттарын көрөн кэлэйбитим.Кэлии дьон Ыгыаттаҕа кытары тиийэн, туох баар күндү балыгын хостоон, айбардаан, айылҕатын кэбилээбиттэрин оҕонньоттор муҥатыйан кэпсээбиттэрэ.Ыгыатта сүрүннээн  Сунтаар улууһунан үрүлүйэ устар. Балык дэлэччи баар, булт өссө кэхтэ илик, маанылаах үрэх.

mir1
Бу үрэх Москубаҕа хонтуораллаах геологическэй тэрилтэ бигэтик  хонтуруоллуур сирэ буолбутун киһи эрэ барыта билэр буолбатах. Геологтар манна көстүтэлээн барбыттара, "суолларын хаалларбыттара"  балачча кэм буолла. Сүрүннээн - Иркутскай эспэдииссийэтин дьоно. Мииринэй куорат нөҥүө бөртөлүөттэринэн, Ыгыатта үрэх баһынан, кыахтаах вездеходтарынан сылдьаллар. Бөртөлүөттэрэ, вездеходтара, атын тиэхиньикэлэрэ, тэриллиилэрэ - бастыҥтан бастыҥ. Бу геологтар  сир араҥатын, от үрэхтэри, айааннары, дүөдэлэри, күөллэри,  сыныйан чинчийэллэр.

mir3

Ол тургутууларыгар  туох эттиги туһаналларын, хайдах-туох үлэлииллэрин ким да билбэт.Ньиэп уонна гаас баарыгар, быһа барыллаан бэрэбиэркэ оҥоһуллан турар эрээри, Иркутскай эспэдииссийэтэ түмүктэрин биллэрбэт. Саха сиригэр кимиэхэ да отчуоттаабаттар. Кими да билиммэттэр.Олохтоох былаастары кытары сибээс, алтыһыы суох. Биирдиилээн сылгыһыттартан, булчуттартан арыый да сытыылара-хотуулара түбэһэ түһэн кэпсэтэ сатаатахтарына, хоруйдарга сүгүн эппиэттээбэт, тоҥкуруун,  ыарахан сирэйдээх-харахтаах дьон эбиттэр. Балар Ньурба улууһун сиригэр киирбиттэрэ ыраатта. 
Дойду сүрүннүүр геологическэй тэрилтэтин барылын быһыытынан, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ-Бүлүү сирдэрэ, үрэхтэрэ, күөллэрэ, ньиэп-гаас саппааһа баарыгар, сыныйан чинчиллэллэр. Сирбит-уоппут, маннык эспэдииссийэлэртэн туругурбата, чэчирии сайдыбата чуолкай. Дьэ хайдах буолар?

Станислав Алексеев. Мииринэй к.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар