Киир

Киир

Бу күҥҥэ Уус Майа уонна Хаҥалас улуустарыгар  баһаар бэлиэтэннэ.

Уус Майа улууһугар 19,50 га иэннээх сири уот ылбыт. Ол иһигэр 4,50 га ойуурдаах уонна 15,00 га ойуура суох сир. Оттон Хаҥаласка 95,00 га иэннээх сир умайбыт. Ол иһигэр 5,0 га ойуурдаах уонна 90,00 га ойуура суох сир. Бу туһунан экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Баһаары умуорууга 12 парашюттаах баһаарынньык, 17 десантник-баһаарынньык, ойуур харыстабылын 10 үлэһитэ уонна 4 тиэхиньикэ үлэлииллэр. Төрүөтэ ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии буолуон сөп.

СӨ ойуур хаһаайыстыбатын эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспа күн аайы мониторинг ыытар. Өскөтүн эн ойуурга баһаар буола турарын көрдөххүнэ эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспаҕа 8-4112-44-74-76 эбэтэр ойуур харыстабылыгар 8-800-100-94-00 эрийэн тыллаа.

ЯСИА

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар