Киир

Киир

СӨ экология министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, бэс ыйын 17 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 184,60  га иэннээх сиргэ 9 ойуур баһаара буола турар. Олортон 5 баһаар өссө да бара турар: Дьокуускай куоракка 40 га иэннээх сиргэ 1 баһаар, Дьааҥыга 69 га иэннээх сиргэ 2 баһаар, Өлүөхүмэ оройуонугар 5 га иэннээх сиргэ 1 баһаар уонна Уус-Алдаҥҥа 40 га иэннээх  сир умайа турар. Өлүөхүмэ оройуонугар 1,50 га, Ньурбаҕа – 7 га, Томпоҕо – 22 га, Хаҥаласка – 0,10 га иэннээх ойуур баһаардара умуоруллубут.

Баһаары умуорууга 221 киһи, олортон ойууру харыстыыр сулууспа 53 уонна ойуур хаһаайыстыбатын 5 үлэһиттэрэ үлэлээтилэр. Ону таһынан, 151 парашютистар, десантниктар, олохтоох нэһилиэнньэттэн 12 киһи ыҥырыллан үлэлээтилэр уонна 15 тиэхиньикэ. Өлүөхүмэ, Уус-Алдан, Ньурба, Томпо уонна Хаҥалас улуустарыгар баһаар тахсыбыт төрүөтүнэн чаҕылхан, оттон Дьокуускайга уотунан сэрэҕэ суохтук тутуу түмүгэ буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар.

Баһаар уопсай иэнэ 127 638, 00  га сиргэ тэҥнэһэр. Ол иһигэр 95 125, 00 га ойуур уонна 32 513, 00 га ойуура суох сир. СӨ экология министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар, ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин тутуһалларыгар санатар. Өскөтүн эһиги ойуурга баһаар буолбутун көрбүт буоллаххытына, эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспаҕа 8-4112-44-74-76 эбэтэр ойуур харыстабылын аһаҕас нүөмэригэр 8-800-100-94-00 эрийэн биллэрэргит булгуччулаах.

Санааҕын суруй