Киир

Киир

Бүгүн сарсыарда  Томпо оройуонугар сир хамсаата. Бу туһунан СӨ ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

63°02′ СШ, 37°26′ ВД координаталаах сиргэ учуоттуур тэрил 3,5 балл магнитудалаах сир хаҕа хамсаабытын 10 км дириҥҥэ бэлиэтээтэ. Рихтер шкалатынан 4 баллга тэҥнэһэр. Сир Теплый Ключ бөһүөлэктэн хотугу-илиҥҥи диэки  42 км хамсаабыт”, – диэн иһитиннэриигэ суруллар.

Оперативнай сулууспа иһитиннэрбитинэн, эмсэҕэлээччи, алдьаныы суох. Эбийиэктэр үлэлииллэр, сир хамсааһына улаханнык биллибэтэх. Онон нэһилиэньэттэн үҥсүү киирбэтэх.

 News.Ykt.Ru

Санааҕын суруй