Киир

Киир

От ыйын 22 күнүгэр ЫБММ Хабаровскайдааҕа быыһыыр киин МИ-8 бөртөлүөтэ Дьокуускай куораттан Дьааҥы улууһун Баатаҕайыгар көттө.

Бэҕэһээҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 13 сиргэ турбут ойуур баһаарын умуорууга үлэ ыытыллар. Олортон тоҕуһа өссө да бара турар. Дьааҥы улууһугар 381 га уонна Горнайга 21 га иэннээх икки сиргэ турбут ойуур баһаара баар. Ону таһынан, Кэбээйигэ 4 га, Ленскэйгэ 65 га, Мэҥэ Хаҥаласка 5 га, Ньурбаҕа 0,30 га иэннээх сирдэр уокка былдьаннылар. Алдан, Ньурба, Уус Алдан уонна Хаҥалас улуустарыгар түөрт баһаар умуорулунна.

Баһаары умуорууга уопсайа 314 киһи, ол иһигэр ойууру харыстыыр сулууспа 71 үлэһитэ, 174 парашютист, 4 лесничэй, олохтоох нэһилиэнньэттэн 65 киһи уонна 28 тиэхиньикэ үлэлиир.

Баһаар уопсай иэнэ 411 071,00 га тэҥнэһэр. Олортон ойуурдаах сирэ – 347 205,00 га, ойуура суоҕа – 63 866,00 га. Бу туһунан бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

ysia.ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар