Киир

Киир

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ 44 тыһ. гаа иэннээх 24 ойуур уотун умауллардылар. Ол иһигэр хонтуруолланар зонаҕа 22 баөаар (44 тыһ. гаа) уонна умулларыллыан сөптөөх сиргэ 7 гаалаах икки ойуур баһаара киирэр.

Ааспыт нэдиэлэтээҕигэ холоотоххо (883076 гаа), күн-бүгүн ойуур уота Саха сиригэр 82 тыһ. 566 гектаарынан аччаата (800 510 гаа).

Умулларыллыан сөптөөх сиргэ 617 гектаардаах 7 ойуур уота бэлиэтэнэр. Ол курдук, Сунтаар улууһугар 452 гаа иэннээх 4 баһаар, Ньурбаҕа – 2 (39 гаа), Дьааҥыга – 127 гектардаах биир ойуур уота күүдэпчилэнэр.

Хонтуруолланар зонаҕа Саха сирин 20 улууһугар 120 баһаар бэлиэтэнэр (799 тыһ. гаа). Ити баһаардары КЧС быһаарыытынан умулларан бүттүлэр. Ойуур уотун умулларыыга 365 киһи уонна 38 тиэхиньикэ үлэлээбит.

Баһаары бохсор ураты эрэсиим Алдан, Дьааҥы, Эбээн Бытантай, Нам, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Томпо, Ленскэй, Нерюнгри уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар биллэриллибитэ.

Санааҕын суруй