Кулун тутар 11 күнүгэр Сунтаар улууһугар уон бизон ньирэйдэрин ыыттыллар. Бу туһунан СӨ экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ол курдук Кэмпэндээйи нэһилиэгин Талыгыр диэн сиригэр тутуохтара. Аһылыктара бэлэмнэммит, бары усулуобуйа оҥоһуллубут. Сөбүлэҥ быһыытынан Сунтаарга 2023 сылга эмиэ эбии 10 бизону ыытыахтара.