Киир

Киир

Эрэгийиэннээҕи ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, билигин өрөспүүбүлүкэ 17 өрүс суолугар көлө уйуктарыгар хааччахтар киирдилэр.

Ол курдук, федеральнай суолталаах суолларга 20 т дылы уйуктаах көлөҕө хааччахтаатылар: “Аллараа Бэстээх – Дьокуускай”, “Үөһээ Бүлүү – Хоро”, “Ньурба – Күндээдэ”, “Устье – Сунтаар”, “Кириэстээх – Мииринэй”, оттон өрөспүүбүлүкэ суолталаах суолларга: “Бүлүү – Эдьигээн”, “Амма – Уус Майда”, “Эдьигэнн – Аэропорт”, “Уус Ньара – Сентачаан рудник”, “СГК-1 –Солянка”, “ЦЛРС “Олекминск” – НПС-14”.

Маны таһынан, 10 т дылы хаачча муниципальнай суолталаах суолларга киирдэ: “Өлүөхүмэ – Заречнай”, “Кыыллаах – Даппарай”, “Даппарай – Токко”, “Уус Ньара – Дражнай”, “Ньурба – Малдьаҕар”, “Өҥөлдьө – Киров”.

Саха сиригэр уопсайа 49 өрүс суола баар. ЫБММ исписэлиистэрэ суоппардарга туһаайан хааччахтаммыт эрэсиими тутуһалларыгар, көҥүлэ суох муус суолугар айаннаабаттарыгар сэрэтэр.

Санааҕын суруй