Киир

Киир

Мииринэй оройуонун үс бөһүөлэгин – Заряны, Арыылааҕы уонна Алмазнайы хабар, Оччугуй Ботуобуйа үрэҕэ муустан дьуххарда.  Халаан туруга, билиҥҥитэ, этэҥҥэ курдук.

Арай, Арыылаах сэлиэнньэтин үрэх кытылынан сытар аҕыйах дьиэ олбуорун, муус күөнтээбит уута ыла сырытта. Муус барыытын тэҥҥэ, халаан уутун иккис төхтөрүйүүтэ хайдах буолуо биллибэт. Оччугуй Ботуобуйа Ленскэй оройуонун кытары быысаһар хайалартан саҕаланар. Аара үгүс үрэх, үрүйэ, сүлбэ холбоһоннор, Арыылаахтан аллараа, Оччугуй Ботуобуйа балачча кэҥиир. Халаан уута Алмазнай бөһүөлэгэр дьайыан сөп. Тоҕо диэтэххэ, бу намтал сир. Алмаас хосточчулар бөһүөлэктэрэ Иирэлээх үрэх, Оччугуй Ботуобуйаҕа силбэһиитигэр олорор. Икки бөдөҥ, ааттаах-суоллаах үрэхтэр алтыһыылара, балачча күчүмэҕэйи үөскэтэр кыахтаах.

Аны Оччугуй Ботуобуйа күргэтин туһунан. Күргэни тутааччылар ханна да барбакка олороллор. Кэнники кэмҥэ тутуу үлэтэ тохтоон турар. Үрэх уута муустан олоччу ыраастаннаҕына, дьон Сунтаар диэки барыы-кэлии туһунан толкуйдаан барааччы. Ол кэмҥэ диэри ыраах. Аны тутулла турар күргэнэн, сатыы да тахсаллара саарбах. Эмиэ урукку курдук оҥочо, эрэһиинэ тыы, “УРАЛ”буксир туттуллар кэмэ кэлээри турар быһыылаах. Оттон бу сарсыардааҥҥы туругунан, Бүлүү өрүс адьас мууһунан көрө сытар. Саҥардыы ырбыылана сатыыр. Онон, куруутун буоларын курдук, ГЭС кимиилээхтик уу ыыттаҕына эрэ, өрүскэ муус хамсыыра буолуо диэн кырдьаҕастар сылыктыыллар.

 

Станислав Алексеев, Мииринэй куората.  Ю.Иванов хаартыскатыгар Оччугуй Ботуобуйа үрэх.

Санааҕын суруй