Ньурба улууһун Дьаархан сэлиэнньэтиттэн төрүттээх Федора Николаевна Иванова пааспарыгар төрөөбүт сыла 1926 диэн суруллан сылдьыбыт. Оттон Архпыып докумуоннарын хасыһан кэнники билбиттэрэ, олох даҕаны САССР төрүттэммит 1922 сылын олунньу 14 күнүгэр төрөөбүтэ биллэн тахсыбыт.
Онон, Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова Саха сирин уһун үйэлээҕин «Үйэ саас» ытык бэлиэтин быйыл 102 сааһын туолбут Федора Ивановаҕа туттарда.
Элбэх оҕолоох үлэһит ыалга төрөөн улааппыт Федора Николаевна билигин түөрт оҕо күн-күбэй ийэтэ, биэс сиэн уонна алта хос сиэн эйэҕэс эбэтэ, хос эбэтэ. Ытык кырдьаҕас этэринэн, уһун үйэлэнии кистэлэҥэ дьоллоох, иллээх дьиэ кэргэҥҥэ уонна үтүө дьону кытта алтыһыыга сытар.
Кини бэйэтин сааһыгар чэгиэн туруктаах, чугас дьонугар иистэнэр, оҕолорун, сиэннэрин минньигэс астаах сандалытын тула түмэр идэлээх эбит.
Сонун төрдө: СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ