Саха сиригэр уопсайа 822 723,9 гаа иэннээх сиргэ 127 ойуур уота бэлиэтэнэр, 1234,08 гаа сиргэ уот күүскэ умайар. Суукка устатыгар 47 баһаар тахсыбыт, 13баһаары умулларбыттар. Уопсайа баһаар сезна саҕаланыаҕыттан 312 ойуур уота турбут.
“Суукка устатыар 34 уот көрдүгэнэ эбилиннэ, баһаар иэнэ – 77 096,9 гектаар. Абый, ҮөһЭЭ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Эдигээн, Мииринэй, Орто Халыма, Томпо уонна Эбээн Бытантай улуустарыгар балаһыанньа ыарахан, онно уопсайа 696 692 гаа иэннээх сиргэ 89 ойуур уота бэлиэтэнэр”, - диэн ЫБММ Саха сиринээҕи сүрүн управлениетын начаалынньыга Павел Гарин иһитиннэрэр.
Ойуур уотун умулларыыга 480 киһи, 54 тиэхиньикэ, РСЧС Саха сиринээҕи авиацията үлэлиир. Арассыыйа ЫБММ уонна сүрүн управление аэромобильнай бөлөҕө уонна Авиалесоохрана көмөҕө бэлэм олорор.