Киир

Киир

От ыйын 21 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 26 ойуур уотун умуллараллар, онтон 8-н номнуо умуруорбуттар. Уопсайа 1,037,00 гаа сиргэ уот турбут.

Ааспыт суукка устатагыра 10 ойуур уотун умулларбыттар: Уус Майда, Амма, Бүлүү, Горнай, Уус Алдан, Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускай куорат эргин. Хонтуруолланар сиргэ 38 баһаары суох оҥорбуттар.

Баһаары умулларыыга 662 киһи, 46 тиэхиньикэ үлэлиир. Киһи мээнэ тиийбэт, кый ыраах сирдэргэ, ЧС эрэсиимэ уһуллубут оройуоннарга 112 уот бэлиэтэнэр, онно уопсайа 329744 гаа иэннээх сиргэ уот күүдэпчилэнэр. Бу баһаардары космастан ылан кэтээн көрөллөр. Билиҥҥитэ ханнык да баһаар нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр суоһаабат. Бу туһунан экология министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Санааҕын суруй