Маҥнайгы сылаас, ылааҥы күннэри кытары сандал саас илдьиттэрэ – туллуктар кэллилэр!
Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо хас сыл ахсын туллук кэлиитин долгуйа, үөрэ көрсөллөр. Тыйыс, тымныы кыһын кэнниттэн сырдыгынан сыдьаайан кылбаа маҥан туллук эн тиэргэҥҥэр, били уостан түспэт ырыаҕа ылланарыныы – өрө мөлбөстүү сылдьара, көрүөхтэн кэрэ көстүү!
Туллук үөрэ хойуу буоллаҕына – кус үөрэ эмиэ хойуу буолар.
Сандал саас кэлбитинэн доҕоттоор!