Киир

Киир

Өлүөхүмэ өрүскэ муус хойуутук уста турар, билигин Троицкай сэлиэнньэтин аннынан уу таһыма кутталаах кирбиигэ чугаһаан эрэр. Бу туһунан ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ыам ыйын 11 күнүнээҕи туругунан, муус алын кырыыта өрүс төрдүгэр тийбит, үөһээҥҥи кырыыта Куду Күөлгэ бэлиэтэнэр. Муус тайааһына — 160 км. Троицкай аннынан уу таһыма 950 см тиийбит, оттон кутталлаах кирбиитэ — 1000 см, уу пуоһун аннынан муус харан турар. ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетын начаалынньыга Павел Гарин иһитиннэрбитинэн, билигин муус харыыта алдьаммыт. Быыһааччылар нэһилиэнньэҕэ көмө оҥорорго толору бэлэмнээхтэр.

aab6570d f326 4eee be82 443a45035fb6

Өлүөхүмэ дьаһалтата иһитиннэрэринэн, өрүстэн тахсыбыт муус Кресты дачаларын хаарыйбыт.

Бүтэһик сонуннар