Экология министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр уопсайа 40 599,8 гаа иэннээх сиргэ 64 ойуур уотун умуллараллар.
16 улууска баһаардары умуллараллар. Ордук элбэх уот Үөһээ Бүлүүгэ — 10, Хаҥаласка — 9, Өлүөхүмэҕэ — 7, Бүлүүгэ — 6, Сунтаарга —6, Ньурбаҕа — 6 бэлиэтэнэр. Ааспыт сууккаҕа 3171,1 гаа иэннээх сиргэ 14 баһаары муллардылар. Онуоха 1836 киһи уонна 107 тиэхиньикэ кыттыбыт. Ньурба улууһугар ЫБММ авиацията үлэлээбит, суукка устатыгар 27 төгүл көтөн 216 туонна ууну ыспыт.