Киир

Киир

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников от ыйын 6 күнүнээҕи баһаардар туруктарын билиһинэрэр брифиҥҥэ кытынна.

Онно эппитинэн, билигин Саха сиригэр 92 баһаары (249 561,2 гаа) умуллараллар. Онуоха 2889 киһи , ол иһигэр 614 федеральнай Рослесхоз үлэһиттэрэ уонна 314 тиэхиньикэ кыттар. Улахан баһаардар Хаҥалас, Сунтаар уонна Горнай улуустарыгар турбуттар. Уоту умулларыыга авиация, Оборона министиэристибэтин бөртөлүөттэрэ уонна ЫБММ авиацията үлэлииллэр. Бэҕэһээ Уус Майдаҕа, Уус Алдаҥҥа, Тааттаҕа уонна Горнайга 14 баһаары умулларарга оҥоһуу ардаҕы аҕаларга сөмөлүөт үлэлээбит. Бүгүн бу сөмөлүөт илин эҥээр улуустарыгар үлэлиэҕэ.

Экология министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 29942 гаа иэннээх сиргэ турбут 23 баһаары умулларбыттар.

Санааҕын суруй