Ааспыт нэдиэлэ бэнидиэнньигэр (от ыйын 12 күнүгэр) норуот халандаарынан Бөтүрүөп күнэ этэ. Окко киирэр бэлиэ күн.
Сайыҥҥы бэлиэ “таҥараларга” хайаан да ардах түһэрэ. Холобур, “Бөтүрүөп ардаҕа” диэн буолара. Метеорологтар статистикалара да итини бигэргэтэр. Кинилэр өр сыллаах бэлиэтээһиннэринэн от ыйын 8-14 күннэригэр ардах түһэр эбит.
Быйыл ойуур баһаардара сүрдэннилэр. Ардах соччо-бачча түһэн быстыбата. Ардах куоракка от ыйын 16 күнүгэр абына-табына түһэн ааспыта. Оттон бэҕэһээ (от ыйын 21 күнүгэр) Борокуоппайап “таҥара” күнэ этэ. Метеорологтар “ардах түһэр” диэн билгэлээбиттэрэ.
Бөтүрүөп күнэ
“Сахалар Бөтүрүөп күнүттэн окко тахсаллар, – диэн чинчийээччи Вацлав Серошевскай суруйбута. – Ити күн охсуллубут от саамай бастыҥынан ааҕыллар”. Кини “Якуты” диэн киэҥник биллэр үлэтигэр салгыы маннык суруйбутун, тылбааһа суох аҕалабыт: “Но косят его в небольшом количестве, и только богачи”.
“От ыйын 12 күнүгэр охсуллубут от эмтээҕинэн ааҕыллара, – диэн аныгы учуонай, этнограф, устуоруйа билимин дуоктара Анатолий Гоголев XIX үйэ чинчийээччитин этиитин бигэргэппитэ. – Ити отунан ырыган эбэтэр ыалдьыбыт сүөһүнү аһаталлара”.
Хара сарсыардаттан ыкса киэһээҥҥэ дылы хотуурунан оту охсуу сыанан аҕаабат үлэ. Ол иһин өбүгэлэрбит бастаан утаа эттэрин үөрэтэ таарыйа аргыый, тарда соҕус охсоллоро. Онон “бааллыы” диэн өйдөбүл баара. Үчүгэйдик бааллыбыт бастыҥ охсооччулар тахсыылаах үлэлэрин-хамнастарын, кинилэри кытта, бэл, абааһылар куоталаһалларын туһунан элбэх үһүйээннэргэ, номохторго кэпсэнэр.
Сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы хото иитэр өбүгэлэрбитигэр Бөтүрүөп күнэ дьоҕус бырааһынньык курдуга. Бу күн арыылаах, кырылыы көөнньүбүт кымыһы иһиҥ ыларынан иһиэххэ сөбө. Сорох түөлбэлэргэ кыахтаах, баай ыал – көҕүөрдэргэ, симиирдэргэ, сири иһиттэргэ кымыһы дэлэччи-хоточчу бэлэмнииллэр эбит. Дьэ, бу ыал ходуһатыгар чугастааҕы алаастарга олорор ыаллар бары мусталлара. Уонна кымыс иһэ-иһэ аа-дьуо олох-дьаһах туһунан кэпсэтии-ипсэтии, сэһэн-сэппэн.
Онон Бөтүрүөп “таҥара” күнэ бэлиэ, кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ кэпсэл буолар күнүнэн буолара. Бөтүрүөп күнүгэр сыһыаннаах билгэлэр син элбэхтэр: “Бөтүрүөп күнүттэн ыла куйаас уҕарыыр”; “Бөтүрүөп күнүн кэнниттэн түһэр ардах окко-маска абыраллаах”; “Кэҕэ Бөтүрүөп күнүн да кэнниттэн этэр буоллаҕына – күһүн уһуур”.
Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи чинчийээччи Всеволод Ионов суруйуутуттан быһа тардыынан бу түһүмэҕи түмүктүөҕүҥ (эмиэ тылбаастаабакка аҕалабыт): “Все решает сено. Сено – главный, основной нерв якутской жизни... Якут дорожит сеном и бережет его так, как он может, как умеет беречью... Если год урожайный и сена много, то скота бьется очень мало”.
Борокуоппайап
“Бөтүрүөпкэ бары окко киирбэттэр”, – диэн этэн аһарбыппыт. От өссө үчүгэйдик тэбэрин кэтэһэн анаан-минээн Борокуоппайабы (от ыйын 21 күнүн) кэтэһээччилэр да аҕыйаҕа суохтара. От арыый хойутаан тэбэр ходуһалара, сыһыылара бааллар. Онон дьон Борокуоппайаптан ыла маассабайдык окко түһүнэллэрэ. Дьэ, бу хаалбыт от ыйын уонча күнүгэр өбүгэлэрбит туттумахтаан хаалаллара. Хара сарсыардаттан халлаан лаппа хараҥарыар дылы үлэлииллэрэ. “Бастаан нэлэс, онтон сахсас, онтон чөмчөс, онтон лаглас баар үһү”, – диэн от үлэтин туһунан таабырыннаахпыт.
“Үгүс сахалар Борокуоппайаптан окко тахсаллар”, – диэн суруйбута Вацлав Серошевскай. Нам сахалара, холобур, киниэхэ ити төрүөтүн маннык быһаарбыттар: “Бөтүрүөп күнүгэр бэдэрээккэ наймылаһан – баайдарга от охсобут. Бэйэбит ити күнтэн оттуурбут ночооттоох: от үчүгэйдик тэбэ илик”.
От охсооччулар үчүгэйдик, кыһаллан-мүһэллэн туран үлэлииллэрэ эмиэ улахан оруоллааҕа. “От охсооччулар, биллэн туран, биир тэҥник үлэлээбэттэрэ, – диэн суруйбута устуоруйа билимин дуоктара Георгий Башарин. – Бастыҥ охсооччулар ыраастык үлэлииллэрэ, оту олох төрдүттэн быһаллара”.
Ыкса күһүҥҥэ диэри оттооччулар да аҕыйаҕа суохтара. Онон салгыы кэлэр “таҥаралар” ардахтара эмиэ бэлиэҕэ ылыллара: атырдьах ыйын 2 күнэ – Ылдьыын; атырдьах ыйын 14 күнэ – Бастакы Ыспааһык; атырдьах ыйын 19 күнэ – Иккис Ыспааһык; атырдьах ыйын 29 күнэ – Үһүс Ыспааһык. Хас биирдии “таҥара” күнэ туһунан сиэрдээх-туомнаах, билгэлээх.
Аныгы отчуттар Ылдьыыҥҥа диэри от үлэтин бүтэрэ сатыыллар. “Урукку дьон 60-ча күн окко үлэлииллэрэ, – диэн Георгий Башарин бэлиэтээбитэ баар, – ол аата Бөтүрүөптэн балаҕан ыйын 12 күнүгэр диэри”.
Оттон өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи этнограф Всеволод Ионов маннык суруйан хаалларбыта баар: “Якуты все лето стремятся к одному – накосить как можно больше сена, накосить, пока еще не пожелтело. Но и желтым они не брезгуют, будут и его косить, сколько можно... Каково бы сено ни было, все оно будет съедено скотом”.
“Бука бары – окко!”
От үүнүүтэ хайдах дьыл үүммүтүттэн көрөн араас буолара өйдөнөр. “Ыам ыйа тымныы, оттон бэс ыйа ардахтаах буоллаҕына, сахаҕа быйаҥ дьыл үүнэр”, – диэн суруйбута XIX үйэ чинчийээччитэ Ричард Маак. Өбүгэлэрбит кураан сайынтан, уу суттан элбэхтик оҕустаралларын туһунан чахчылар бэрт элбэхтэр. 1997 сыл сайыныгар Бүлүү улуустарыгар ардахтаах дьыл буолбутун өйдүүбүн. От ыйыттан саҕалаан күн аайы ардах түспүтэ, ходуһалар, бэл, кэбиһиилээх оттор ууга барбыттара. Дьэ, онно “уу сут” диэн өйдөбүл элбэхтик туттуллубута.
“Тус бэйэм көрүүбэр, тэрээһин үлэтэ кыаллара буоллар – сахалар өссө элбэх оту оттуохтарын сөп этэ, – диэн суруйбута Бүлүү уокуругун сахаларын олохторун-дьаһахтарын чинчийбит Ричард Маак. – Оччотугар сахалар арыый байылыат, нус-хас олохтонуо этилэр”.
Өрөбөлүүссүйэ иннигэр тыа сиригэр олорор дьон бары окко тахсаллара. “Саха сиригэр учууталлар, быраастар, суут-сокуон үлэһиттэрэ, уопсайынан араас дуоһунастаах, сололоох дьон сүөһү иитиитигэр быһаччы сыһыаннаахтара, – диэн суруйбута Георгий Башарин “История животноводства в Якутии” (1962) диэн үлэтигэр. – Холобур: манастыырдарга, таҥара дьиэлэригэр, чочуобуналарга сулууспалыыр аҕабыыттар ынахтаахтара, сылгылаахтара”.
Сэбиэскэй былаас да сылларыгар “Бука бары – окко!” диэн девиһинэн оҕолуун-кырдьаҕастыын күргүөмүнэн окко турунарбытын өйдүүбүт.
Бэкирииһэ кулуба
“Бэкирииһэ кулубаны Чаҕылыыһа кинээс сирэйгэ тыаһаталаабыт, онтон кыыһыран Бэкирииһэ кулуба торҕо сэриини кырган кэбиспит”, – диэн хотуур сытыыланыытын уонна от охсуутун туһунан таабырыннаахпыт. Саха хотуура диэн баара, нууччалыы аата “горбуша”. Өрө баһан ыла-ыла охсуллар, бэрт кылгас уктаах саха хотуура “литовка” диэн ааттанар хотууртан уратыта элбэҕэ. Ити хотуур XIX үйэ устата сыыйа уларыйан нуучча хотууругар майгынныыр буолбут. “Якутская коса-горбуша, сохранившаяся до наших дней, ничем не отличается от русской старинной горбуши”, – диэн сэбиэскэй кэм устуоруга Сергей Токарев бэлиэтээбитэ баар.
Этнограф Федор Зыков сахалар үлэҕэ-хамнаска, булка-алка туттар тэриллэрин анаан-минээн чинчийбитэ. “Сахалар уонна нууччалар “горбуша” диэн ааттанар хотуурдара майгыннаһалларыгар киһи дьиктиргиирэ суох, – диэбитэ кини. – Судургу үлэ тэриллэрэ бары норуоттарга биирдэр. Аан дойду бары норуоттарыгар ох саа уонна өтүйэ биир моһуоннаахтарыттан соһуйбаппыт дии”. “Саха хотуура “литовкаттан” хаалсыбат этэ, – диэн суруйбута Георгий Башарин үөһэ ахтыллыбыт үлэтигэр. – Ол эрээри “литовка” оту төрдүттэн биир тэҥник быһа соторунан уратылаах”.
Чинчийээччи Вацлав Серошевскай саха киһитэ былыргы хотуурунан үлэлиирин ойуулаабыта интэриэһинэй: “Держа в обеих руках рукоять косы, косец взмахивает ею над головой, затем быстро нагибается и концом железа (ножа косы) ловко подрезает полукругом траву перед собою”. Дьэ, күүстээх, сыраны-сылбаны эрэйэр үлэ. Дэлэҕэ сорох чинчийээччилэр: “От охсооччу үлэтэ – шахтер үлэтинээҕэр да ыарахан”, – диэхтэрэ дуо.
Этнограф Федор Зыков: “Былыргы охсооччу итинник туттан-хаптан үлэлиириттэн “оту охсуу” диэн өйдөбүл” үөскээтэҕэ”, – диэн сабаҕалаан турар. Этэр эттэҕинэ эмиэ да оннук эбит.
Тиистээх да
ытырбат
“Тиистээх да ытырбат баар үһү”; “Ыстыыр-ыстыыр да аһыыра биллибэт, хата, тииһэ-уоһа баранар баар үһү”, – диэн таабырыннардаахпыт. Тута таайдаххыт буолуо. Оту, биир үксүн, эр дьон охсор. Оту охсон күөдэллэтэр дьахталлар тустарынан үһүйээннэр бааллар да, оҕо-дьахтар эбээһинэһэ – кыраабылынан оту мунньуу. “Кыраабыл” нууччаттан киирбит тыл. Этнограф Федор Зыков этэринэн: “Сахалар олох былыр оту салбахтардаах үөттүрэх маһынан мунньаллара. Ити тэриллэрин кинилэр “адаар”, “адаар мас” диэн ааттыыллара”. Итиннэ даҕатан: “Аҕыс тиистээх адаар мас баар үһү”, – диэн таабырыннаахпытын санаан ааһыаҕыҥ.
Өбүгэлэрбит адаар мас атырдьахтара тимир атырдьахтан уратылааҕа. Атырдьах, биир үксүн, икки төбөлөөх буолара. “Атырдьах маһыныы арахсыахпыт”, – диэн өс хоһоонноохпутун саныаҕыҥ.
“Сахалар халлаан туруга хайдаҕыттан көрөн оту куурдаллар, – диэн бэлиэтээбитэ Вацлав Серошевскай. – Бөтүрүөп күн охсуллубут оту түөрт күнү быһа куурдаллар. Оттон күһүөрү сайынтан, Иккис Ыспааһыктан саҕалаан охсуллубут оту икки эрэ күн сытыара түһэллэр. Балаҕан ыйыгар охсуллубут оту биир күн сытыараллар”.
Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи былыр-былыргыттан иитэр дьоҥҥо кылгас сайыҥҥа күөх быйаҥы сомсуу – тыын суолталаах буоллаҕа. Онон элбэҕи суруйа туруохха сөп да буоллар манан түмүктүөҕүҥ. Ходуһаларга, ситиһиилээх үлэни, күндү ааҕааччылар!
Федор РАХЛЕЕВ.