Киир

Киир

Дьокуускай куорат Сэргэлээх шоссетын 10 килэмиэтиригэр баар 23/8 нүөмэрдээх дьиэ тэлгэһэтигэр, от ыйын 24 күнүгэр дьикти, көһүтүллүбэтэх түгэн буолан ааста.

Ол курдук, аар тайҕа маанылааҕа - кыһыл саһыл бэйэтинэн ыалдьыттаата. Ыал хаһаайката Капиталина Михайловна Алексеева соһуйан-өмүрэн хаалбакка, хата ас ууран аһатта. Саһылбыт да сэргэҕэ, чуора, өйө сүрдээх. Бэрт өр мучумааннанан, төттөрү-таары сүүрэкэлээн баран, турба үрдүнэн кэлэн ууруллубут куурусса уҥуоҕун хап гынан ыйыстаат, элээрэн бара турда!

Бу туох дьикти түгэнэй? Ойуурга турбут баһаардар содулларыттан куотан кэлии буолуо дуо? Дьэ, дьикти...