Саха сиринээҕи ветеринария департаменын интернет ситимэ тиэрдэринэн, Мархатааҕы ветеринарнай учаастак быраастара, олохтоох киһи кинилэргэ бааһырбыт улар кыырдын аҕалбытын быыһаатылар.
Сиэмэх көтөрү, олохтоох киһи Николай Барашков ветеринардарга от ыйын 24 күнүгэр тиэрдибит. Кыырды оҕолор булан ылбыттар. Көтөр туруга олус мөлтөх буолан дайар да кыаҕа суох эбит, ол иһин кэбэҕэстик туттарбыт.
Иһитиннэриигэ этиллэринэн: «Эчэйбит көтөрү чинчийэн көрүүгэ түөһүн эҥээр ириҥэрбит баас баара көстүбүт, иҥиирдэрэ быһа барбыттар. Бааһа дириҥ, икки-үс сантиметр усталаах, хаан барыыта суох. Маннык эчэйиини кыырт атын көтөрдөрү кытары охсуһууга ылыан сөп, биитэр куоска, ыт саба түһүүтүгэр».
Арианна Адамова уонна Надежда Пестрякова ветеринарнай быраастар сиэмэх көтөргө бастакы көмө оҥорбуттар: бааһын көрөн-ыраастаан баран тикпиттэр. Кинилэр бэлиэтээбиттэринэн кыырт көтөр кыахтаах, ол эрээри дьиҥнээх айылҕа эйгэтигэр урукку курдук толору олоҕунан олороро саарбах. Ол иһин, быстах көрүүгэ-харайыыга көтөрү булбут киһиэхэ Николай Барашковка биэрбиттэр.
Ветеринардар киниэхэ, көтөр бааһын хайдах эмтиир туһунан туһалаах сүбэ-ама биэрбиттэр. Үтүө санаалаах киһи бааһырбыт кыырды кыһамньылаахтык көрөн-харайан, бүөбэйдээн, илдьэ сылдьыбытын түмүгэр, кыырай халлаан булчута түргэнник үтүөрэр аакка барбыт. Сэттэ күнүнэн көҥүлгэ өрө куһугуруу көппүт.