Киир

Киир

Саха сиригэр өрт уотун утары охсуһуу күнүстэри-түүннэри тохтообот. Уоту кытта охсуһар манан аҕай дьыала буолбатах. Уустук.

Өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнай тэрилтэлэрэ Саха сирин ойуурдарыгар уот хара туруоҕуттан үлэлэһэллэр. Кинилэр аҥаардас үстүрүмүөнүнэн, туттар тэрилинэн-тээбирининэн уонна тиэхиньикэнэн эрэ буолбакка, үлэлии-хамсыы сылдьар дьоҥҥо аһы-үөлү, күн аайы быстахха туттар малы-салы ыытан эмиэ көмөлөһөллөр. Сир баайын хостуур тэрилтэлэр үлэһиттэрин хамаандата уонна үтүө баҕаларынан көмөлөөччүлэр уоту утары күннэтэ охсуһаллар. АЛРОСА уонна кини самалык тэрилтэтэ “Анаабыр алмаастара” төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэригэр ааҥнаабыт иэдээнтэн эмиэ туора турбаттар.

Саха сирин Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Сычевскай бэлиэтээбитинэн, бырамыысыланнай хампаанньалар өрт уотун утары үлэҕэ көхтөөхтүк кыттыһаллар, көмөлөһөллөр. Кинилэр ортолоругар “АЛРОСА” АХ, “Анаабыр алмаастара”, “Эльгауголь”, “РНГ”, “ТЮНГД”, “Якутуголь”, “ЯТЭК”, “Сахатранснефтегаз” курдук бөдөҥ уонна да атын тэрилтэлэр бааллар. Кинилэр хас биирдиилэрэ ойууру үтүө баҕаларынан көмүскүүргэ быһаарыынан олороллор. Онон бу күннэрдээҕи саамай улахан соруктара – уоту бохсуу.

“Бу күннэргэ бары биир киһи курдук саамай кутталлаах, улахан уоттары бохсуохтаахпыт. Киһи үөрэрэ, астынара диэн бырамыысыланнай хампаанньалар ол кыһалҕаны быһаарарга көхтөөхтүк көмөлөһөллөр”, -- диэн Сычевскай эттэ.

 

АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ – хампаанньа бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванов бэйэтин аатыттан Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүө баҕа санааларынан уоту утары охсуһааччыларын пуондатыгар 4 мөлүйүөн солкуобайы биэрдэ. Итини таһынан, эмиэ тус бэйэтин аатыттан 1 мөлүйүөн солкуобай суумалаах көмө харчыны өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана, АЛРОСА Кэтээн көрөр сүбэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Айсен Николаев биэрдэ.

 СӨ “Авиалесоохрана” судаарыстыба тэрилтэтин Ленскэйдээҕи салаатын кэтээн көрөөччү аҕа лүөччүгэ Иван Шарыпов кэпсээбитинэн, ханнык да кэмнээҕэр саамай элбэх өрт уота сайынын турар кутталлаах. Онон ити кэмҥэ кэтиир үлэ мэлдьи, тохтоло суох кэриэтэ, ыытыллар. Кинилэр ойууру кэтииргэ авиа-хампаанньалары кытта дуогабардаахтар. Ол иһигэр “АЛРОСА авиа-хампаанньаны” кытта.

 

АЛРОСА Бэс Күөлүгэр 200 мөлүйүөн солкуобайы биэриэҕэ

 

Исписэлиистэр ааҕалларынан, Бэс Күөлүгэр уокка былдьаммыт дьиэлэри чөлүгэр түһэрэргэ 250 мөлүйүөн солкуобай ирдэнэр. Итини таһынан бу күннэргэ дьиэлэр силиктэрин ситэрэргэ (обустройство) Арассыыйа МЧС-тан төлөбүр кэлэрин ситиһэр соруктаах үлэ-хамнас ыытыллар. Биирдиилээн, чааһынай даҕаны тэрилтэлэр туора туран хаалбатылар. Билигин үтүө баҕаларынан көмөлөһөөччүлэр ыстааптарын иһинэн улахан хампаанньалартан уонна бырамыысыланнай тэрилтэлэртэн үбү-аһы хомуйаллар. Оттон АЛРОСА дьиэ-уот тутуутугар 200 мөлүйүөн солкуобайы биэриэҕэ. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев кэпсээтэ.

“Бэс Күөлүгэр умайбыт дьиэлэри чөлүгэр түһэрэргэ, саҥаттан тутарга, барыллаан, 250 мөлүйүөн солкуобай наада. Оттон дьон дьиэ силигин ситэрэр (обустройство) туһунан көрдөһүүтүн Арассыыйа МЧС-тан кэлэр төлөбүрүнэн быһаарыахпыт. Ирдэнэр докумуонннары миниистиргэ туттарбыппыт”, -- диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ.

Эрдэ суруллубутун курдук, үтүө баҕаларынан көмөлөһөөччүлэр ыстааптарын иһинэн улахан хампаанньалартан уонна бырамыысыланнай тэрилтэлэртэн үбү-аһы хомуйа олороллор. Тэрилтэлэр уонна хампаанньалар хас биирдии эмсэҕэлээбит ыалы тус болҕомтолоругар ылыахтаахтар, анаан көмөлөһүөхтээхтэр. Ол иһигэр дьиэлэрин иһин оҥостоллоругар.

“Бүгүн АЛРОСА хампаанньа “СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын нөҥүө Бэс Күөлүгэр умайбыт дьиэлэри чөлүгэр түһэрэргэ 200 мөлүйүөн солкуобайы ыытыам” диэн быһаарда. Атын даҕаны хампаанньалар чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ кыттыһар, көмөлөһөр баҕалаахтар”, -- диэн Айсен Николаев түмүктээтэ.

 

АЛРОСА бөртөлүөтэ Сунтаарга көмөлөһөр

vqO991e46s

 

Урут суруйбуппут курдук, Сунтаар улууһугар өрт уотун умулларыыга үөһээттэн ууну кутар суудуналар үлэлии сылдьаллар. Ол иһигэр икки Бе-200 амфибия-аал уонна РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин икки Ил-76 сөмөлүөтэ бааллар. Итини таһынан, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, Сунтаар бөһүөлэгэр АЛРОСА хампаанньа Ми-8 бөртөлүөтэ тиийэн турар. Кини уоту утары охсуһааччылары тиэйэргэ үлэлэһэр.

“Урут даҕаны хампаанньа уустук түгэҥҥэ көмөлөһөр этэ. Ол курдук, Мииринэй куоратыгар атын эрэгийиэннэртэн кэлбит үтүө баҕаларынан көмөлөһөөччүлэр АЛРОСА көмөтүнэн биһиги улууспутугар кэлбиттэрэ. Сүүстэн тахса киһи. Билэргит курдук, өрт уотун сорох өттө киһи-сүөһү, тиэхиньикэ кыайан тиийбэт ыраах сиригэр баар буолар.

Түгэни туһанан, Сунтаар улууһун суһал ыстаабын аатыттан өрт уотун умулларыыга кыттыбыт, тиэхиньикэнэн көмөлөспүт бар дьоммутугар, суоппардарбытыгар, бөһүөлэктэрбит-нэһилиэктэрбит салалталарыгар уонна АЛРОСА хампаанньаҕа төрөөбүт дойдуларын, сирдэрин-уоттарын туһугар хорсун, сыралаах үлэлэрин иһин улахан махталбытын ыытабын”, -- диир Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев.

Даҕатан эттэххэ, АЛРОСА уоту утары киирсэ сылдьар Сунтаар дьонугар эбии 2 бульдозеры уонна биир ГАЗ вездеходу ыыппыта.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар