Күн бүгүн Саха сиригэр 6 улууска уопсайа 229 тыһ. гаа иэннээх сиргэ турбут 10 өрт уотун умуллараллар. 98 тыһ. гаа сиргэ турбут өрт уотун боҕустулар, 280 тыһ. гаа иэннээх сиргэ 9 баһаары умуллардылар. Бу туһунан экология миниистирин солбуйааччы Сергей Сивцев иһитиннэрдэ.
Атырдьах ыйын 27 күнүн сарсыардатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 451 тыһ. гаа иэннээх сиргэ 46 өрт уота биэлиэтэнэр: Уус Майда, Томпо, Кэбээйи, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү уонна Чурапчы улуустарыгар. Саҥа уот турбата. Баһаары умулларыыга 564 киһи уонна 66 тиэхиньикэ үлэлиир. Бүгүн Уус Майда улууһугар уонна Бүлүү бөлөххө авиация туһаныллыаҕа. Бу баһаардар нэһилиэктэртэн уонна экэниэмикэ эбийиэктэриттэн балачча ыраах күүдэпчилэнэллэр, онон куттал суоһаабат.
Сэҥээриилэр