Киир

Киир

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников атырдьах ыйын 31 күнүгэр өрт уотун балаһыанньатын брифинг кэмигэр билиһиннэрдэ.

Онно эппитинэн, билигин Саха сиригэр 23 баһаар бэлиэтэнэр, 6 уоту умуллараллар, хонтуруолланар зонаҕа 17 ойуур уота умайар. Суукка устатыгар 3 уоту бохсубуттар, 3 баһаары умулларбыттар. Баһаардарга 296 киһи үлэлиир, 35 тиэхиньикэ кыттар. МЧС суудуналара баһаардары үөһэттэн кэтээн көрбүттэр. Билигин Бүлүүгэ, Сунтаарга, Уус Майдаҕа уонна Чурапчыга өрт уотун умуллараллар. Бүгүн Илиҥҥи байыаннай уокурук этэрээтэ баһаар балаһыанньата тупсубутунан төннөргө бэлэмнэнэллэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар