Киир

Киир

Сайыҥҥы өрт уоттарыттан ойуур пуондатыгар тахсыбыт хоромньу 1,6 млрд солк. тэҥнэһэр. Бу туһунан ТАСС ааҕыныстыбатыгар Айсен Николаев тирэхтээх сайдыы Хотугу форумун кэмигэр биэрбит интервьютугура суруллар. Форум бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр Дьокуускайга саҕаланна.

"Билиҥҥитэ быһа барыллаан баһаардартан ойуур пуондатыгар тахсыбыт хоромньу 1,6 млрд солк. сыаналанар. Билигин да ааҕыы бара турар, чопчу сыыппараны баһаар сезона бүттэҕинэ таһаарыахпыт", - диэн Айсен Сергеевич эппит.

Кини куйаастар сатыылааннар, сөҥүү түспэккэ, сир куура хатан баһаардар улааппыттарын эттэ. "2021 сылга 1694 ойуур баһаарын бэлиэтээбиттэр, 8767285,2 гаа иэннээх сир умайда, бу сыыппара баһаар сезона бүттэҕинэ чуолкайданыллыаҕа" диэбит. Быйыл3262889,8 гаа иэннээх сиргэ  535 ойуур баһаарын умулларбыттар, былырыын 144,8 тыһ. гаа сиргэ 461 баһаары умулларбыттара. Умайбыт сир иэнэ 20 төгүл улааппыт. Ойуур баһаардарын умулларыыга 25727 киһи, 1397 тиэхиньикэ кыттыбыт, Арассыыйа 19 эрэгийиэннэриттэн көмөҕө 876 киһи кыттыбыт.

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар