Киир

Киир

Черскэй бөһүөлэгиттэн 30 км-дээх, Хотугу муустаах акыйаантан 150 км-дээх сиргэ Плейстоценовай паарка тэриллэн үлэлии турар. Паарка сүрүн соруга – Арктикаҕа кыылы мэччитэр үрдүк көрдөрүүлээх экосистиэмэни үөскэтии буолар.

Ааспыт сайын манна 10 тэбиэни Чуваш өрөспүүбүлүкэтиттэн тиэйэн аҕалан паарка үлэһиттэрин эрэллээх илиилэригэр хаалларбыттара. Тэбиэннэри таһынан манна атын туйахтаах кыыллар эмиэ бааллар: саха сылгылара, хотугу табалар, тайахтар, бизоннар, зубрдар, козалар, хойдор, калмык ынахтара.

Паарка генеральнай дириэктэрэ, Арассыыйа наукаларын академиятын Уһук Илиҥҥи салаатын Географияҕа Тиихэй акыйааннааҕы институтун научнай үлэһитэ Никита Зимов иһитиннэрбитинэн, тэбиэн хоту дойду тымныытын, сииктээх салгыны барыларыттан үчүгэйдик тулуйар эбит. Онуоха “кумах куйаар устар аалыгар” хойуу уонна уһун түүтэ көмөлөһөр эбит. Кинилэр отунан уонна үөт талаҕынан аһылыктаналлар эбит.

Салайааччы этэринэн, кыыллар сылдьар сирдэригэр от үүнүүтэ тупсубут. Буорга углерод көстүүтэ элбээбит, биологическай эргиир түргэтээбит. «Сүрүн сорукпутун ситистибит диир кыахпыт суох эрээри, ситиһиилэр бааллар», - диир  эколого аҕатын үтүө саҕалааһынын утумнаабыт учуонай Никита Зимин.

Сонун төрдө: YakutiaMedia
Хаартыска: Никита Зимин

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар