Киир

Киир

abaasy

Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар биһиги, сүүрбэбитин саҥа ааһан эрэр уолаттар, биирдэ Мэҥэ Хаҥалас Огдороон диэн арыый аллара турар сиригэр дьоммутугар таҕыстыбыт. Кинилэр бэйэлэрэ бары саха кыра балаҕаныгар симиллэн олороллор, онно утуйаллар. Балаҕан аттыгар Сергей ампаара баара (ол оҕонньор өлбүтэ ырааппыт, ампаар кураанах турар, ким да онно утуйбат). Эдэригэр дьиэ гынан олорбут (нууччалыы дьиэ).

Биһиги куттаммакка, онно ампаарга тахсан, түннүк аттыгар биир синньигэс ороҥҥо атахтаһан сыттыбыт. Утуктаан, саҥардыы нухарыйан эрдэхпитинэ, доҕоор, ол Сергей оҕонньор хоһун диэкиттэн, муннуктан, арай торуоскалаах киһи биһиги диэки хааман иһэрэ иһилиннэ. Туох эрэ диэн саҥарбыппытыгар тыас иһиллибэт буолан хаалла. Оннук үстэ хатыланна. Дьэ, куттанныбыт Мотооску саха быһаҕын балаҕаныттан киллэринэн сыттыгын анныгар угунна. Тыаспыт -- торуоскалаах атах тыаһа -- эмиэ хатыланна. Онно Мотооску быһаҕын ол хараҥа муннук диэки бырахта. Туох эрэ саҥалаах. Ити гынан, арааһа, бу дьиэ иччитэ утутуо суох диэммит, саха балаҕаныгар тахсан утуйдубут. Онно аны атын тыас иһилиннэ – ат туйаҕын тыаһа курдук, хаамара үүт-үкчү иһиллэргэ дылы.

Хас да сыл ааспытын кэннэ ол Мотооску (Власий) Өлүөхүмэҕэ үлэлии сылдьан “Юпитер” кэлээскэлээх матасыыкылынан өрүс кытыытынан баран испит. Суол токуруйуутугар эмискэ кыра оҕолор сүүрэн тахсыбыттар. Власий матасыыкылын хаҥас салайбыт да аллара, хаспахха көтө турбут. Аны онно, өлүү быалаах, алдьаммыт катер турбут. Ол ойоҕоһугар хаҥас атаҕынан сааллыбыт. Хаҥас атаҕын тобугун тоһуппут. Ону кэлин эпэрээссийэлээн хаста да атаҕын олох үөһэ өттүнэн быспыттара.

Ити 1965 сыллаахха оһол тахсыбыта. Быратыас атах кэтэ сылдьыбыта. Улуус сүрүннүүр ветбырааһынан, сельхоз управлениетын салайааччытынан, райсовет бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ. Арай атаҕын өлөрбөтөҕө, тоһуппатаҕа буоллар, өссө үүнүөх эбит. Архипов Власий Дмитриевич 2005 сыллахха 70 сааһыгар олохтон барбыта. Били, дьиэҕэ мучумаан манна туох эрэ сыһыаннаах дуу диэх курдук.

Суруйда Иван Алексеев – Бөтөс уола.

Санааҕын суруй